22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

От ыйын 12 күнэ – Окко киирии. Бөтүрүөп таҥара күнэ

12:01, 12 июля
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өбүгэлэрбит ходуһаҕа Бөтүрүөп таҥара иннинэ эбэтэр ый ортотун аһардан баран, от сиппитин, сибэккилэммитин кэннэ киирэр үгэстээхтэрэ.  От охсуутун Бөтүрүөпкэ диэри саҕалаабатахтарына, абааһылар мунньахтарын (от ыйын 13 күнүн) аһардан баран охсоллоро. Окко маассабайдык Борокуоппайап күнүттэн киирэллэрэ.

Мунньахтыыр күннэригэр хотуур суолун таһаардахха, абааһы уола сырсар диэн суруйаллар.  Абааһылар мунньахтыыр күннэрин сорохтор биир күн, сорохтор үс түүннээх күн мунньахтыыллар үһү дииллэр эбит. Онуоха от ыйын 13-гэр салгыны мээнэ хамсаппакка, айдаарбакка, чуумпутук сылдьыллыахтаах. Дьиэҕэ-уокка уһуктааҕы-биилээҕи мээнэ туттумаҥ, сэрэниҥ диэн буолар.

От ыйын билгэтэ:

От ыйын 12 күнэ — Бөтүрүөп күнэ. От сиэмэтэ ситэр, окко киирии, өҥүрүк куйаас, Бөтүрүөп ардаҕа түстэҕинэ, бурдук, отон, тэллэй дэлэй күһүнэ буолар.

От ыйын 13 күнэ — Кунай хотуурдаах күнэ, бу күн от охсуллубат – «Абааһы мунньахтыыр күнэ».

От ыйын 14 күнэ — Оҕуруот сыыс отун ыраастааһын кэмэ, бу күн ыраастаатаххына, өлгөм үүнүүнү ылыахха сөп.

От ыйын 21 күнэ — Кус оҕото ситэр, дьэдьэн буһар.

От ыйын 21 күнэ — Борокуоппайап күнэ. Кус оҕото ситэр, кэҕэ үчүгэй дьылга Борокуоппайапка диэри этэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар