РФ Үөрэҕириитин миниистирин солбуйааччы Татьяна Васильева Саха сиригэр кэлэ сылдьан, пандемия кэннэ оскуолаҕа баран үөрэнии оннунан хаалыа диэн эттэ. Кини «интернет көмөтүнэн үөрэнии оскуолаҕа баран үөрэнэри солбуйбат» диэтэ.
«Оскуола диэн учуутал үөрэнээччини, үөрэнээччи үөлээннээхтэрин кытары быһаччы алтыһар ураты сирэ буолар. Оскуола иитэр, оҕону уопсастыбаҕа бэлэмниир оруола улахан. Ол иһин оскуолалар оннуларынан хаалыахтара», — диэтэ солбуйааччы миниистир.
«Дойдуга үөскээбит балаһыанньаҕа үөрэх тэрилтэлэрэ бигэ туруктаахтарын көрдөрдүлэр. Биир да оскуола сабыллыбата, үөрэх интернет көмөтүнэн салҕаммыта», — диэтэ Татьяна Васильева онлайн пресс-конференция кэмигэр. Түгэнинэн туһанан кини үөрэх салайааччыларыгар, уһуйааччыларга, төрөппүттэргэ уонна оҕолорго махтал тылларын тиэртэ.
СӨ үөрэҕин миниистирэ Михаил Сивцев инникитин оскуолаҕа саҥа технологиялары дьүөрэлии тутан үөрэх ситимин сайыннарыахха сөбүн эттэ.