ССРС салалтата 1954 сыллаахха Крым уобалаһын РСФСР-тан Украина ССР-гар биэрбит.
Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаhалынан 1992 сыллаахха, «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэн, ««Алмазы России-Саха» аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитэ» диэн №158С уураах тахсыбыт.
Бу күн революционер, Хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС-ка итэҕэли утары хамсааһын салайааччыта Емельян Ярославскай, саха бэйиэтэ, 23 саастааҕар суруйааччы сойууһун чилиэнэ буолбут Федор Винокуров — Даадар төрөөбүттэр.
Бэлиэ күннэр:
- Киит уонна дельфин аан дойдутааҕы күннэрэ
- Арассыыйа — Орнитолог күнэ
- Армения — Кинигэ бэлэхтиир күн
- Кыргыстаан — Үп-харчы полициятын үлэһитин күнэ
- Түркменистаан — Былаах күнэ
Түбэлтэлэр:
- 1861 — Александр II ыраахтааҕы «Крепостной быраабы ууратыы туһунан манифест» диэн докумуону таһаарбыт.
- 1878 — Америка айааччыта Томас Эдисон фонограбы патеннаабыт.
- 1905 — Хотугу Кытайга Арассыыйа—Дьоппуон сэриитин саамай улахан кыргыһыыта — Мукден кыргыһыыта — саҕаламмыт.
- 1913 — Педро Ласкуран 45 эрэ мүнүүтэҕэ Миэксикэ бэрэсидьиэнэ буолбут. Бу аан дойду рекорда.
- 1920 — Дьокуускайга Байыаннай-революционнай трубинал тэриллибит. Сотору кэминэн кыһыллар өттүлэриттэн репрессиялар саҕаламмыттар.
- 1954 — ССРС салалтата Крым уобалаһын РСФСР-тан Украина ССР-гар биэрбит.
- 1992 — Арассыыйа бэрэсидьиэнин дьаhалынан, «Якуталмаз» тэрилтэлэрин түмэн, ««Алмазы России-Саха» аахсыйалаах хампаанньа тэриллиитэ» диэн №158С уураах тахсыбыт.
Төрөөбүттэр:
- 1473 — Николай Коперник — Польша астронома, математига. Аан дойду күнү тула эргийиитин туһунан түөрүйэ ааптара.
- 1878 — Емельян Ярославскай — революционер, Хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ, ССРС-ка итэҕэли утары хамсааһын салайааччыта. «Союз воинствующих безбожников» бэрэстээтэлэ. Кини 1913 с. бэс ыйын 14 (27) күнүттэн 1917 сыл ыам ыйыгар дылы Дьокуускайга көскө олорбута.
- 1911 — Федор Винокуров — Даадар (12.06.1949 өлб.) — саха бэйиэтэ. 23 саастааҕар суруйааччы сойууһун чилиэнэ буолбута, Ойуунускайдыын доҕордоспута, олоҕо суох репрессияҕа түбэһэ сылдьыбыта, 38 сааһыгар өлбүтэ.
- 1940 — Сапармурат Ниязов — 1991-2006 сылларга Туркменбаши диэн титуллаах Туркменистан бэрэсидьиэнэ.
Өлбүттэр:
- 1997 — Дэн Сяопин — кытай бэлиитигэ уонна реформатора, Кытай Хомуньуус баартыйатын диэйэтэлэ, 1970-с уонна 1980-с сылларга дойду дьиҥнээх салайааччыта. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
- 2000 — Гавриил Ефимов (24.02.1920 төр.) — өр сылларга Чурапчы улууһугар уонна Дьокуускайга салайар үлэҕэ сылдьыбыт киһи, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тылбаасчыт, бэйиэт. РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Чурапчы улууһун ытык киһитэ (1970).