2021 сыллааҕы Өлүөхүмэҕэ ыытыллыахтаах Олоҥхо Ыһыаҕа уонна Дьокуускайга «Туймаада ыһыаҕа» буолара Саха сиригэр санитарнай-эпидемиологическай балаһыанньаттан тутулуктаах. Билиҥҥи кэмҥэ тэрээһиннэри көһөрүү туһунан боппуруос көрүллүбэт.
Саха сирин баһылыга Айсен Николаев муус устар 26 күнүнээҕи быһа эфиригэр былаас уоргаттарын салайааччылара кыттыыны ылбыттара. Култуура министиэристибэтиттэн салайааччы э.т. Владислав Левочкин киирбит ыйытыыларга хоруйдаабыта.
«Култуура эйгэтигэр 13 ыйытыы киирбитэ. Саамай дьон интэриэһин Олоҥхо уонна Туймаада ыһыахтарын ыытыллыылара ылар. Билиҥҥи туругунан тэрээһиннэри көһөрүү туһунан боппуруос турбат», — диэтэ Владислав Левочкин.
Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэҕэ бэс ыйын 19 — 21 күннэригэр, Туймаада ыһыаҕа Дьокуускайга бэс ыйын 26 — 27 күннэригэр былааннанар.
Өлүөхүмэтээҕи ыһыахха 5000-тан тахса киһи кэлэрэ суоттанар, ол иһигэр 3500 киһи — официальнай бөлөхтөр, делегациялар, тэрийээччилэр уонна култуурунай бырагыраамаҕа кыттааччылар, олоҥхоһуттар, бочуоттаах ыалдьыттар уо.д.а. Бэлиэтээн эттэххэ, артыыстар ковидтан вакцинацияны оҥортороллоро булгуччулаах.
1500 көрөөччү, турист, бырааһынньык ыалдьыта буолар.
Ыһыах кэмигэр 14 өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус уонна спортивнай киирсиилэр ыытыллыахтара.