Ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ, ойуур баһаарын утары үлэҕэ үбүлээһин, өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эбиини учуоттаан, улаатта. Бу сыалга миллиардтан тахса солк көрүлүннэ.
Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Якутия вперёд!» биэриигэ «Якутия 24» телеханаалга кэпсээтэ, суруйар ЯСИА.
«Ойуур баһаардарын кытта охсуһууга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан эбии үп көрүлүннэ. Үгэс быһыытынан миллиардтан тахса солк. Федеральнай үбүлээһин былырыыҥҥы таһымынан хаалла», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирин баһылыга өрөспүүбүлүкэ баһаары утары үлэ сезонугар бэлэмин эттэ. Ити эрээри сорох муниципалитеттарга боппуруостар бааллар, онно өссө минерализованнай балаһалары оҥоруу бүтэ илик. Сырыы аайы бу үлэ саҥардыллыахтаах.
Кини эппитинэн, быйыл сайын кураан уонна куйаас буолуон сөп, онон эрдэттэн уот турбатын туһугар үлэ ыытыллыахтаах. «Онон ардаҕы ыҥырыы эксперимена быйыл да салҕанан барыаҕа. Ыам ыйын ортотуттан «Полярные авиалинии» авиахампааньа биир сөмөлүөтэ уонна «Росгидромет» биир сөмөлүөтэ биһиги территориябытыгар үлэлэрин саҕалыахтара», — диэтэ Ил Дархан.