Ойуур баһаардарын умулуннарыыга үлэһит илии наадатын, баҕалаахтары үлэҕэ ылалларын айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Сергей Сивцев бэҕэһээ социальнай ситимнэринэн быһа тахсыытын кэмигэр эттэ.
«Үлэлиэн баҕалаахтар «Якутлесресурс» тэрилтэҕэ эбэтэр олорор сирдэринэн нэһилиэк дьаһалталарыгар биллэриэхтэрин наада. Билигин баҕа өттүнэн уоту кытары охсуһууга үлэлии сылдьааччы элбэх. Биһиги кинилэргэ улаханнык махтанабыт. Уокка тахсыах иннинэ булгуччу инструктаж, бэрээдэк, үлэ былаанын кытары билсиэххэ наада», — диэтэ кини.
Үлэлиэн баҕалаахтар пааспардарын, СНИЛС, ИНН, баан реквизиттарын итиэннэ коронавирустан быһыыны ылбыттарын туһунан ыспыраапканы биэрэллэр.
Үлэ хаамыытын туһунан ыйыыны-кэрдиини эрэ ааспыт киһи уокка киирэрин тоһоҕолоон эттэ Сергей Сивцев.