Өрөспүүбүлүкэтээҕи офтальмология клиникатын балыыһата (ЯРОКБ) Үлэ сылын ыытыыга тэрилтэлэр ортолоругар бастыҥ буолла. 300 тыһ солк суумалаах сертификат тутта, суруйар ЯСИА.
«Бу соһуччу наҕараада. Бүтэһигэр диэри түмүк биллибэтэ. Биһиги балыыһабытыгар биир сомоҕо кэлэктиип үлэлиир, үрдүк үрдэллэри дабайарга уонна өрөспүүбүлүкэ туһатыгар үлэлииргэ бэлэм дьон. Дьүүллүүр сүбэ критерийдарын сэрэйиэххэ сөп. Мин санаабар, Саха сирин үрдүнэн оҥоһуллубут операция ахсаана ааҕыллыбыт буолуохтаах», — диэтэ кылаабынай быраас Иван Луцкан.
2023 сылга офтальмологтар биригээдэлэрэ 1,5 тыһ тахса операцияны оҥордо. Бу балыыһа историятыгар рекорд көрдөрүү.
ДНР-га үлэни бэлиэтиэххэ сөп. 2023 сыл түмүгүнэн быраастар оруобуна 2024 операцияны Донбасс олохтоохторугар оҥордулар, диэн эттэ Луцкан.
Иккис миэстэ — № 1 өрөспүүбүлүкэ балыыһата — медицина национальнай киинэ, үһүс — Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ.