22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар миниистирдэр кабинеттара эбии 5,5 млрд солк көрүөҕэ

16:03, 30 октября 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Россия бырабыыталыстыбата 5,5 млрд солк оҕолоох ыаллар ипотекаларын сабалларыгар эбии көрүөҕэ. Ол туһунан Михаил Мишустин алтынньы 29 күнүнээҕи мунньахха эттэ. 


«Бу сылга оҕолоох ыаллары өйүүргэ эбии үбүлээһини көрүү боппуруостарын дьүүллэһиэхпит, — диэтэ Михаил Мишустин. — 5,5 млрд солк ипотекаларын толору эбэтэр быстах төлүүллэригэр туһаайыахпыт. Судаарыстыба суотугар кирэдьиити төлөөһүн 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэннэ төрөөбүт үһүс эбэтэр онтон кэлэр оҕолоох  ыалларга көрүллүөҕэ. Төрөппүттэр 450 тыһ солк компенсация быһыытынан ылыахтарын сөп».

«Ипотекаҕа чэпчэтии оҥоруу — оҕолоох ыалларга судаарыстыбаттан көрүллэр саамай наадалаах миэрэ буолар, — диэтэ премьер. — Сыл устата бу сыалга 35 млрд солк ыытылынна. Эбии үбүлээһин 12 тыһ кэриҥэ элбэх оҕолоох ыалга көмө буолуоҕа».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА