Ньурба куоратыгар тыйаатыр дьиэтэ тутуллар. Билигин дьиэ сирэ бэлэмнэнэн, акылаата түһэн, бастакы этээһи тутуу бара турар. Ньурбатааҕы көһө сылдьар государственнай тыйаатыр дьиэтэ 250 көрөөччүгэ анаммыт икки этээстээх буолуо.
Улуус тутууга управлениетын салайааччы Макар Семенов кэпсииринэн, пандемиянан сибээстээн, үлэ бытаара сылдьыбыт. Ол эрэн икки нэдиэлэ анараа өттүгэр тутааччылар кэлбиттэр, үлэ тэтимирэн, кыраапык оннун булан эрэр. «Тутуу бетонтан үлэтигэр уонча олохтоох уолаттар үлэлии сылдьаллар. Быйыл дьиэ холлоҕоһо бүтүөхтээх, онуоха тутааччы «РДР-групп» ХЭТ толору кыахтаах», — диир кини.
Эбийиэк 2021 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киириэ. Сэтинньигэ саҥа дьиэ сценатыгар бастакы испэктээх туруо.
Быйыл Ньурба театра 54-с театральнай сезонун арыйыа. Россия кыра тыйаатырдарын биир бастыҥ кэлэктиибэ 1966 сыллаах эргэ, хаарбах туруктаах дьиэҕэ үлэлээн кэллэ.