22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Намнааҕы «Отуу уотун тула» Горнайга "Сыккыска" күүлэйдээтэ

08:41, 12 мая 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Отуу уота» Намнааҕы литературнай түмсүү быйыл атын улуустарга баар «Сыккыс», «Уһуктуу», «Иэйии түһүлгэтэ» түмсүүлэри бэйэтигэр ыҥыран, санаа атастаһан, хоһооннорун-ырыаларын ааҕан, бэйэ-бэйэлэрин чугастык билистилэр.


Соторутааҕыта «Отуу уота» литературнай түмсүүттэн алта буолан (А.Г.Дунаев, И.А.Бубякин-Чөҥөчөк, Е.М.Феофанов, А.М.Татаринов-Удьурхай, А.М.Софронов-Онтуон, Мария Мохначевская—Марта Мария) Горнай улууһун «Сыккыс» литературнай түмсүүтүгэр ыалдьыттаатылар. Кинилэри «Сыккыс» түмсүү салайааччыта Айталина Олесова (кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интернат-дьиэлэрин кылаабынай медицинскэй сиэстэрэтэ, бэйиэт) Духуобунас улуустааҕы киинигэр эйэҕэстик көрүстэ.

Көрсүһүү туһунан «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, Нам улууһун, Хамаҕатта нэһилиэгин бочуоттаах гражданина Александр Дунаев кэпсээтэ:

Көрсүһүү аан бастаан саха дьоно ытыктыыр суруйааччылара Семен уонна Софрон Даниловтар ааттарынан Духуобунас кииниттэн саҕаламмыта биһигини долгутта. Сөбүлүүр суруйааччыбыт, өр сылларга «Чолбон» сурунаал салайааччытынан үлэлээбит Петр Аввакумов аатынан Киин библиотекаҕа бастакы көрсүһүүбүт буолла. Дириэктэр Мария Прохорова, библиотеканы салайааччы Лена Саввинова норуот сөбүлүүр бэйиэтин, суруйааччытын ахтан туран, Духуобунас киинин үлэтин-хамнаһын, библиотека сыалын-соругун киэн тутта кэпсээтилэр, бэлэх кинигэлэри туттардылар. Үлэбит-хамнаспыт «Отуу уота» бэйэтин үлэтин кылгастык кэпсээһиниттэн, биирдиилээн билсиһииттэн, библиотекаҕа хардары кинигэлэри туттарсыыттан саҕаланна.

Улуус библиотеката уонна «Сыккыс» литературнай түмсүү Горнайдааҕы «Үлэ күүһэ» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Василий Алексеевы киэн тутта ыалдьыттарыгар кэпсээбиттэр. Кини көҕүлээһининэн «Сыккыстар» «Сыккыс» диэн кинигэ-брошюлара сыл аайы тахсар буолбут. Онтон «Чыпчаал» сурунаал-кинигэ Горнай улууһун дьонун-сэргэтин, чаҕылхай ситиһиилэри сырдатар. Олохтоох бэйиэттэр, суруйааччылар биирдиилээн кинигэлэрэ тахсыытыгар улуус дьаһалтата (баһылык Никита Андреев) үп көрөрүн быһаарсыһыы олоххо киирбит. Аны «Дабаан» диэн олохтоох радиоҕа (салайааччы – Нина Сутакова-Айылҕаана) ааптардар айымньыларынан сотору-сотору биэрии оҥороллор. Нина Семеновна «Сыккыс» түмсүү саамай тутаах киһитэ эбит. Бэйиэт, ырыаһыт, араас биэчэрдэри, презентациялары, сыбаайбалары, үбүлүөйдэри ыытар талааннаах киһилэрэ буоларын билиһиннэрбиттэр.

Эбиэт кэнниттэн Софроновтар дойдуларыгар Мытаахха сылдьыбыттар. Олохтоох мусуой дириэктэрэ, «Сыккыс» чилиэнэ, бэйиэт Артур Егоров убайдыы-бырааттыы улуу суруйааччылар тустарынан олус истиҥник кэпсээбит. Икки суруйааччы бюһун скульптор Василий Мохначевскай оҥорбут. Мандар Уус бэлэхтэрин уонна намнар өрөгөй ырыаларын ааптара, «Отуу уота» түмсүү чилиэнэ, СӨ Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, бэтэрээн-учуутал, бэйиэт Василий Ушницкай-Сэки Даниловтарга анаабыт «Улуу ини-биилэр» диэн хоһооно таас витринаҕа кичэллээхтик уурулла сыталларын көрөн үөрбүттэрин Александр Дунаев үөрэн-көтөн туран кэпсээтэ.

Норуодунай худуоһунньук Афанасий Осипов 110 үлэтин бэлэхтээбитин астына көрбүттэр.

Эрэдээктэр сөхтөрдө

Василий Алексеевы биһиги сөрү диэн сөхтүбүт, олус диэн биһирээтибит. Кини эрэдээксийэтин үлэтин сэргэ коллекционер быһыытынан киэҥник биллэр киһи. 800 уруучуканы, илиинэн бэчээттиир араас элбэх машинканы (ол иһигэр, народнай поэт Сэмэн Руфов бэчээттиир машинкатын бэлэхтээбит), таһырдьа былаһааккаҕа үс былыргы бэчээттиир станогы туруортаабыт. Ол аттыгар биһигини хаартыскаҕа түһэрдэ. Араас фотоаппараттар (аатырбыт фотограф Порядин бэлэхтээбит аппаратыгар тиийэ), бастакы хаартыска түһэрээччилэр хаартыскалара уо.д.а. коллекциялар мунньуллубуттар. Аны олохтоох ааптардар айымньыларын туспа паапкаҕа мунньар эбит. Таһаартаабыт кинигэлэрин сылларынан дьаарыстаабыт стеллажтарын, былыргы маллары көрдөрдө.

Манна сыһыаран эттэххэ, Василий Алексеев Аҕа дойду Улуу сэриитин Кыайыы 70 сылыгар «Кыа хааннарын тоҕон, хорсуннук сэриилэһэн» диэн баай ис хоһоонноох, дьоһуннаах кинигэни таһаарбыта. Манна 104 буойун ахтыллыбытыттан мин төрөппүт аҕам Григорий Дунаев, кини бойобуой наҕараадатын туох иһин ылбытын дакаастыыр архыып докумуона киирбит.

Ити курдук, «Отуу уотун» чилиэннэрэ горнайдарга баай ис хоһоонноох ахтылҕан күнүгэр сылдьан, элбэҕи биллилэр-көрдүлэр. Горнай дьоно-сэргэтэ бэйэлэрин улахан суруйааччыларынан, атын да үтүөлээх дьоннорунан киэн тутталларын, ону норуокка тарҕаталларын илэ харахтарынан көрөн итэҕэйдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА