Нам улууһугар билиҥҥи туругунан тыа хаһаайыстыбатын управлениета иһитиннэриитинэн, улуус үрдүнэн барыта 351 трактор, 130 звено (119 — механизированнай аҥардаах, алта көлө-илии, биэс илиинэн), уопсайа 336 киһи ходуһаҕа оттуу сылдьаллар.
Улууска барыта 706 га сир охсуллубутуттан 399,5 тн от кэбиһиллибит, рулоннаммыт.
Кытылы, сорох арыылары сааскы халаан уута ылбатаҕа, ону таһынан саас, сайын саҕаланыыта халлаан тымныйан үүнүү мөлтөх, алаастарга сорох өттө орто үүнүүлээх, сороҕо курааннаата. Ол да буоллар ойуур иһин, күөллэр, үрэхтэр кытыыларын кичэйэн оттоотоххо кыстыыр оту булуохха сөп диэн эрэл баар. Онон оттооһун уопсай кээмэйин уонна хаачыстыбатын тупсарыыга улахан болҕомто ууруллуохтаах.
Быйыл да дьон үксэ сай ортотугар, сайын быйаҥын балачча куоттаран баран, окко киирэн эрэллэр. Сүрүн болҕомтону элбэх оту оттооһуну таһынан, от хаачыстыбатыгар ууруллуохтаах. Атырдьах ыйыгар халлаан туран биэрдэҕинэ, аныгы техника сайдыбыт үйэтигэр күүһү түмэн оттуурга намнар бэлэмнэр.