20 Муус устар 20.04
  • $ 93,44
  • 99,58

Мындаҕаайыга ох саанан күрэхтэһии өрөспүүбүлүкэ таһымнаах буолла

10:55, 18 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

От ыйын 11-12 куннэригэр Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр үгэскэ кубулуйбут М.М. Филатов сырдык кэриэһигэр ох саанан ытыыга күрэхтэһии аан бастаан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытылынна. 


Спортсменнар үс түһүмэҕинэн күөн көрүстүлэр: «Байанай бэлэҕэ», «Түргэн ытыы» уонна «Бэргэн». Эр дьон уонна дьахталлар тус туспа күрэхтэстилэр. Хас түһүмэх аайы бириистэр оонньоннулар.

Дьокуускайтан, Горнай, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта, Бүлүү, Эдьигээн, Үөһээ Бүлүү, Томпо улуустарыттан көхтөөх спорсменнар мустан спорт бырааһынньыгын тэрийдилэр.

Муҥутуур кыайыылаахтарынан эр дьоҥҥо Томпоттон Петр Андросов, дьахталларга Бүлүүттэн Валентина Тимофеева буоллулар.

Түһүмэхтэринэн кыайыылаахтар маннык быһаарылыннылар:

Байанай бэлэҕэ:
1. Андросов Петр (Томпо)
2. Чаҕаан Дмитрий (Чурапчы)
3. Майоров Сергей (Чурапчы)

1. Спиридонова Надежда (Горнай)
2. Федорова Галина (Чурапчы)
3. Макарова Просковья (Чурапчы)

Түргэн ытыы:
1. Андросов Петр (Томпо)
2. Майоров Сергей (Чурапчы)
3. Васильев Прокопий (Мэҥэ Хаҥалас)

1. Макарова Просковья (Чурапчы)
2. Артамонова Айталы (Мэҥэ Хаҥалас)
3. Федорова Галина (Чурапчы)

Бэргэн:
1. Аммосов Максим (Чурапчы)
2. Васильев Прокопий (Мэҥэ Хаҥалас)
3. Андросов Петр-1 (Таатта)

1. Платонова Зинаида (Горнай)
2. Пудова Айаана (Чурапчы)
3. Тимофеева Валентина (Бүлүү)

Түмүктүүр:
1. Андросов Петр (Томпо)
2. Васильев Прокопий (Мэҥэ Хаҥалас)
3. Майоров Сергей (Чурапчы)

1. Макарова Просковья (Чурапчы)
2. Федорова Галина (Чурапчы)
3. Артамонова Айталы (Мэҥэ Хаҥалас)

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА