Ааспыт театр сылын уонна «Култуура» нацбырайыак былааннарын туһунан туһааннаах миниистир Юрий Куприянов «Быһа кэпсэтии» бырагыраамаҕа эттэ.
2019 сыл «Култуура» нацбырайыак үлэтэ саҕаламмыта. Саха сирэ эмиэ бу бырагыраамаҕа киирэн, сыл бүтэһигэр хас да суолталаах дьыаланы оҥордо.
Холобур, култуура дьиэлэригэр 7 мөлүйүөнтэн тахса киһи сырытта. Юрий Куприянов эрдэ эппитинэн, саамай дьон сөбүлээн сылдьар сирэ ааспыт сылга — Нуучча театра.
Ааспыт сылы оҕо искусствотын оскуолаларын уһуйуллааччылара өйдөөн хаалбыт буолуохтаахтар — элбэх инструмент ылылынна, аҥардас пианиноны 106 устууканы тириэрдиллибит. «2021 сылга аҕыс оскуолаҕа иккис эргииринэн федеральнайдааҕы бюджеттан 50 мөл солк ылыахпыт. Манна музыкальнай инструменнары атыылаһыахпыт«, —диэтэ министр.
Горнайга уонна Уус Алдаҥҥа култуура дьиэлэрэ тутулуннулар уонна өрөспүүбүлүкэҕэ сэттэ киинэ саалата арылынна. 2020 сылга, кини этэринэн, бу тэтим салгыы барыахтаах.
«350 тыһыынча киһи отечественнай киинэҕэ сырытта, бу дойду атын субъектарын кытта тэҥнээн көрдөххө бастыҥ көрдөрүү, тоҕо диэтэххэ, биһиэхэ өссө сахалыы киинэбит баар», — диэтэ култьуура министирэ.