22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Муома улууһугар "Дойдутугар бэриниилээх" мэтээл балаһыанньата бигэргэннэ

10:01, 19 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муомаҕа быйыл хаар халыҥа нуорма таһыттан тахсыбыт. Бу туһунан оройуоннааҕы ыксаллаах быһыыны-майгыны сэрэтэр хамыыһыйа мунньаҕар этилиннэ.


Хамыыһыйа бэлиэтээбитинэн, Муома улууһугар Индигир эбэ муустан босхолонор кэмигэр кутталлаах балаһыанньа Соболоох нэһилиэгэр бэлиэтэнэр, Даркылаах учаастагынан 5 км усталаах муус харгытыыр.

Бөһүөлэккэ 8 дьиэ намыһах сиргэ турар, онно 20 киһи олорор, ол иһигэр 9 оҕо. Индигир эбэнэн Кулун Өлбүккэ, Буор Сыһыыга уонна Муома үрэҕинэн Хонуу бөһүөлэгэр куттал үөскүөн сөп.

Халааннааһын кэмигэр улууска 15 экопуун тэриллэрэ былааҥҥа киирбит, онно 3 190 киһи батар кыахтаах, сүөһүнү тутарга сөптөөх 4 табыгастаах сир баар. Бу тэрээһиҥҥэ барыта 2 155 тыһ. солк. тыырыллыбыт. Халаан уутуттан сэрэхтээх буолуу тэрээһинигэр 189 киһи хабыллыахтаах, 47 техника, ол иһигэр 3 уу суолунан айаҥҥа.

Халаантан уонна ойуур баһаарыттан сэрэтэр үлэлэргэ нэһилиэк баһылыктара быйыл элбэх үп-харчы көрбүттэрэ этилиннэ. Улуус баһылыга Иван Павлов нэһилиэктэр салайааччылара ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ, дьаһаллары тэрийиигэ тус эппиэтинэһи сүгэллэрин эттэ.

Оройуоҥҥа ыксаллаах быһыыга-майгыга дойдуларын туһугар көмөлөһөр, көхтөөхтүк кыттар дьоҥҥо анаан “Патриот района” мэтээл анал балаһыанньата оҥоһулунна. Быйыл бастакыларга бу суолталаах наҕараада туттарыллыаҕа, диэн социальнай ситимнэргэ «Индигир уоттара» хаһыат суруйда.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА