Коронавируһунан сибээстээн Россияҕа ылыллыбыт хааччахтааһын миэрэлэрин толору көтүрэр күнү этии билигин да эрдэ. Ол туһунан СИА ТАСС-ка сигэнэн суруйар.
РФ премьер-министрэ Михаил Мишустин коронавируһу кытта охсуһар сүрүннүүр сэбиэт мунньаҕын президиумугар эппитинэн, хааччахтааһынтан толору босхолонуу күнүн этэр эрдэ.
«Сыстыганнаах дьаҥы утары ылыллыбыт миэрэлэри толору уһулуу чуолкай даататын этэр эрдэ«, — диэтэ кини.