27 От ыйа 27.07
  • 24°
  • $ 78,03
  • 88,89

Ми-8 бөртөлүөт Ээйик сэлиэнньэ аттыгар ойуур уотугар 21 туонна ууну кутта

12:16, 27 июля
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на

Өлөөн оройуонун Ээйик сэлиэнньэтин аттыгар баар ойуур баһаарын умуруорууга кэккэ харгыстар бааллар. 99 киһи уонна 17 техника тардылынна. Авиация үлэлиир.

«Нэһилиэнньэлээх пуун оройуонугар күөллэр (Мычарда, Атах, Сэймэкит) курдук айылҕа харгыстара, ону тэҥэ 3 км уһуннаах уонна 11 м кэтиттээх нэһилиэнньэлээх пуун тула оҥоһуу харгыс баар. Бэҕэһээ уоту умуруорарга Арассыыйа ЫБММ Ми-8 бөртөлүөтэ үлэлээтэ. Кини уопсайа 21 туонна кээмэйдээх ууну сэттэтэ төхтөрүйэн ыста», — диэн иһитиннэрдилэр бэнидиэнньиккэ, от ыйын 27 күнүгэр, тустаах министиэристибэ Саха сиринээҕи салаатыгар.

Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар РСЧС-тан барыта 313 киһи уонна 41 техника кытынна. Бөлөх 62 киһинэн эбилиннэ.

Космостан кэтээн көрүү көрдөрөрүнэн, нэһилиэнньэлээх пууннарга буруо тахсыбат.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА