1 Ыам ыйа 01.05
  • $ 91,78
  • 98,03

Мэдиссиинэ исписэлиистэрин тыа сиригэр үлэлэтэргэ 234 мөлүйүөн көрүлүннэ

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр быйыл мэдиссиинэ каадырдарын үлэҕэ ылыы  бырагырааматыгар 234 мөлүйүөн бэрилиннэ. Бу үп эмчиттэргэ “Тыа сирин доктора” бырагырааманан уонна “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыак чэрчитинэн бэриллэр.

“Тыа сирин доктора” бырагырааманан быраастар нэһилиэнньэлээх пууннарга, куорат тииптээх бөһүөлэктэргэ үлэлииллэригэр 2-лии мөлүйүөнү уонна 50 тыһыынчаҕа тиийэр нэһилиэнньэлээх куораттарга 1-дии мөлүйүөнү ылаллар.

Онтон “Тыа сирин биэлсэрэ” бырагырааманан биэлсэрдэр, акушердар уонна мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар, куорат тииптэх бөһүөлэктэргэ 1-дии мөлүйүөнү уонна 50 тыһыынчаҕа тиийэ нэһилиэнньээх куораттарга 500 тыһыынчаны ылаллар.

Бырагыраамаларга мэдиссиинэ үлэһиттэрэ саастарыттан тутулуга суох кыттыахтарын сөп.

Бу бырагыраамалары олоххо киллэрии көдьүүһүн көрдөрүүтэ былырыын 100% этэ. Тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар 2023 сылга 16 мэдиссиинэ исписэлииһэ, ол иһигэр 117 быраас уонна 49 биэлсэр үлэҕэ ылыллыбыта, суруйда Надежда Егорова, Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА