27 Муус устар 27.04
  • -3°
  • $ 91,78
  • 98,03

Мединститут сэттэ выпускнига Кэбээйи улууһугар үлэлиэн баҕарарын биллэрдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ХИФУ-га Кэбээйи, Горнай, Усуйаана, Ньурба улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ 2020 сылга университеты бүтэрээччилэри кытта көрүстүлэр. 


Университеты бүтэрээччилэргэ улуустар бэрэстэбиитэллэрэ социальнай-экономическай сайдыыларын туһунан кэпсээтилэр. Кинилэр оройуоннарыгар ханнык исписэлиистэргэ наадыйалларын эттилэр уонна холбоон 36 вакансияны биллэрдилэр. Ордук доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр уонна сокуону араҥаччылыыр уоргаттарга кадр тиийбэтин эттилэр. Тыа сиригэр тиийдэхтэринэ туох көмө-өйөбүл баар буолуохтааҕын кэпсээтилэр.

Кэбээйи улууһугар үлэлии барарга баҕа санаатын сэттэ устудьуон эттэ.

Автор: Аида ОХЛОПКОВА. 

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА