3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Мэҥэ Хаҥалас Хочотугар уу таһыма үрдүү турар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, арҕаа уонна киин оройуоннарыгар кыра өрүстэргэ көхтөөх арыллыы фазата бара турар. Мэҥэ Хаҥалас улууһун аттыгар уу таһыма үрдээн эрэр. Ыал олорор алта уһаайбата ууга барда, дьиэлэргэ уу тиийэ илик. Бэдьимэ, Хорообут, Табаҕа нэһилиэктэргэ уу таһыма түһэ турар. Бэдьимэҕэ билигин 29 ыал уһаайбата ууга турар.

Саамай уустук быһыы-майгы Горнай улууһугар бэлиэтэнэр. Ол эрээри, манна уу таһыма түһэн эрэр. Өрт нэһилиэгэр 6 дьиэ, 16 уһаайба, хочуолунай, МФКЦ территорията, спорт саалата билигин даҕаны ууга тураллар. Бэс Күөлгэ — 3 дьиэ, 15 уһаайба. Маҕараска  3 олорор дьиэ, 16 уһаайба, РЭС подстанцията.

Кэбээйи улууһугар Сииттэҕэ уу биэс олорор дьиэ тиэргэнигэр тиийдэ, үрдүк бэлэмнээх режими киллэрдилэр.

Нам улууһугар Хоҥор Биэ нэһилиэгэр 22 дьиэ уһаайбата ууга турар. Мотопомпанан ууну хачайдааһын уонна ууну ыытыы үлэлэрэ ыытыллаллар.

Амма оройуонугар муус Амма нэһилиэгин таһыгар устар, Өлүөхүмэ улууһугар Тээнэ өрүс арылынна. Өлүөнэ өрүскэ муус Уус-Куть таһыгар устар. Алдан өрүскэ уу таһыма тэтимнээхтик үрдүү турар, муус көтөҕүлүннэ.

Хоту улуустарга муус кыһыҥҥылыы турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар