22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Мас-рестлинг: Кыргызстаан хамаандата толору састаабынан күрэхтэһиигэ бэлэм

10:01, 23 июня 2022
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускайга буолар мас тардыһыытыгар аан дойду чемпионатыгар саамай бэлэмнээх хамаанданан Кыргызстаан буолла. Кинилэр толору састаабынан кэллилэр — 14 киһилээх, ол иһигэр сэттэтэ — норуоттар ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастардара, суруйар СИА.

«Ситиһиигэ эрэнэбит. 2018 сыллааҕы чемпионат үрүҥ көмүс призердара бааллар, аан дойду Кубогын икки кыайыылааҕа, түөрт үрүҥ көмүс призера уонна үс боруонса бааллар.

Кыһыл көмүс мэтээллэри Кымбат Нуржанова 65 кг диэри дьахталларга уонна Элдос Айтбаев 70 кг диэри эр дьоҥҥо ылбыттара.

Кыайыыга эрэллээхпит, аан дойду чемпионатыгар мөлтөхтөр суохтар, саамай күүстээхтэр тахсаллар, ордук Россия күүстээх састааптаах», — СИА-ҕа Кыргызтаан хамаандатын кылаабынай тренерэ Марат Раматов эттэ.

Састаап:

Азамат Асанов (60 кг), Бекмырза Токтошев (65), Элдос Айтбаев (70), Бекжан Омуралиев (75 кг), Бакболот Абылов (80 кг), Русланбек уулу Чыныбек (90 кг), Эржан уулу Акылбек (105 кг), Атайбек уулу Келбибек (105 кг), Улукбек Ырысбаев (125 кг), Дилбара Иманканова (55 кг), Кымбат Нуржанова (65 кг), Эльдана Болотбекова (75), Назиа Маилибашева (85), Дилдора Рахманова (свыше 85 кг).

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА