30 Муус устар 30.04
  • -4°
  • $ 91,78
  • 98,03

Мас-рестлиҥҥэ Россия чемпионатыгар кытта барааччыларга ситиһиини баҕардылар

13:05, 09 апреля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мас-рестлиҥҥэ Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандата сотору кэминэн Санкт-Петербурга барар. Онно Россия чемпионата ыытыллар.

Быйылгы күрэхтэһии 30 регионнардааҕы хамаанданы түмэр былааннаах. Саха сирин хамаандатыгар спорт министиэристибэтэ ситиһиилэри баҕарда, суруйда ЯСИА.

Санкт-Петербурга муус устар 12 — 14 күннэригэр мас-рестлиҥҥэ Россия ХХ чемпионата ыытыллар. Үбүлүөйдээх тэрээһин буолар.

Спорт миниистирин солбуйааччыта Гаврил Мохначевскай хамаандаҕа ситиһиилэри баҕарда, өрөспүүбүлүкэни дьоһуннаахтык ааттаталларыгар эттэ. Ааспыт сылга 10 кыһыл көмүс мэтээл кэлбитэ, бу да сылга таһымы тутар наадата болҕомтоҕо ылылынна.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА