Таатта оройуонун дьаһалтата Томтор сэлиэнньэтигэр «Мандар Уус» этнологическай музейнай комплекс туос ураһын чөлүгэр түһэриигэ үп хомуйуутун биллэрдэ. Комплекс эбийиэгэ ыам ыйын 5 күнүгэр умайда, диэн ЯСИА иһитиннэрэр.
Моҕол ураһа 2020 сыллаахха култуура уһулуччулаах диэйэтэлэ Борис Неустроев-Мандар Уус салалтатынан тутуллубута. Тоҕус миэтэрэ үрдүктээх ураһаны тэрийиигэ Саха сирин 20 оройуонуттан 300 норуот талааннааҕа, маастара кытыбыттара.
«Бары үтүө сааалаах дьонтон саха норуотун өлбөт-сүппэх үйэлээх сүдү эбийиэгин чөлүгэр түһэриигэ төһө кыалларынан көмө оҥороллоругар көрдөһөбүт. Ханнык баҕарар өйөбүл улахан суолталаах култуурунай эбийиэги сөргүтэргэ сыаната суох буолуоҕа. Култуура тэрилтэтин толору аата: «Этнологический музейный комплекс «Мандар Уус» муниципального района «Таттинский улус» Республики Саха (Якутия)», — диэн Таатта оройуонун дьаһалтатыгар иһитиннэрдилэр.

Хаартыска: ЯСИА саайта



