Манчаары Оонньууларыгар түмүктүүр сүүмэрдиир күрэхтэһиилэр, урукку курдук биир сыл иннигэр буолбакка, ыытыллара аҕыйах ый хаалбытын кэннэ ыытыллыахтара. Быйыл муниципалитеттар таһымнарыгар барыаҕа.
«Быйыл муниципалитеттар таһымнарыгар сүүмэрдээһин ыытыллыаҕа, оттон Оонньууларга путевканы ылыыга киирсиилэр 2021 сыл тохсунньутуттан бэс ыйыгар диэри буолуоҕа. Спартакиада барыллааһын быһыытынан от ыйын 6 — 11 күннэригэр Горнай улууһугар буолар», — диэн СИА-ҕа спорт национальнай көрүҥнэригэр киин дириэктэрэ Гаврил Мохначевскай кэпсээтэ.
Горнай улууһугар стадион, элбэх функциялаах спортивнай саала уонна тир тутуллуохтаахтар.
Бөлөхтөргө маннык хамаандалар киирсиэхтэрэ:
1 бөлөх – Хаҥалас, Бүлүү, Ньурба, Нерюнгри, Мирнэй, Алдан, Ленскэй оройуоннара, Дьокуускай, ХИФУ;
2 бөлөх – Чурапчы, Амма, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Өлүөхүмэ улуустара, ДьТХА, өрөспүүбүлүкэтээҕи устудьуоннар түмсүүлэрэ;
3 бөлөх – Кэбээйи, Томпо, Горнай, Өймөкөөн, Уус Майа, Дьааҥы, Өлөөн, Муома, Эдьигээн, Орто Халыма улуустара, Жатай;
4 бөлөх – Аллайыаха, Булуҥ, Анаабыр, Үөһээ Халыма, Усуйаана, Аллараа Халыма, Эбээн Бытантай, Абый улуустара.
«Бөлөхтөр улуустар нэһилиэнньэлэрин ахсааннарынан көрөн тыырылынна. 11 тыһ киһилээх Горнай улууһа бастакы уонна иккис бөлөх хамаандаларын кытта киирсэр кыаҕа суох. Маны сэргэ үһүс бөлөхтөн төрдүскэ Анаабыр оройуона көстө. Бастакы бөлөххө бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн Хаҥалас уонна Бүлүү улуустара киирдилэр. Хамыыһыйанан бу бигэргэннэ. Бу балаһыанньа сотору кэминэн тэрийэр кэмитиэтинэн көрүллүө«, — диэтэ Гаврил Мохначевский.
Манчаары Оонньууларыгар кыттааччы ахсаана муҥутаабыта 1674 киһи буолара былааннанар.