1979 сыллаахха Сэргэлээх 2-тин 13 куорпуһугар олорор медик-устудьуоннар өбүгэ оонньуутун сайыннарар, тэнитэр инниттэн тэрийэн ыыппыт күрэхтэһиилэрэ сыыйа таһыма үрдээн, сүүрбэ биирис үйэҕэ Дьокуускай куорат аһаҕас чөмпүйэнээтигэр кубулуйан, «Көмүс мас» диэн аатынан ыытыллар.
Олунньу 2-4 күннэригэр «Модун» спорт национальнай көрүҥнэрин киинигэр 39-с төгүлүн тэриллибит биирдиилээн бастыыр иһин күрэскэ араас улуустартан 184 мадьыны, ол иһигэр 17 маастар, 42 спорт маастарыгар хандьыдаат аат ааттаан кэлэн күүһүн холосто. Онон хас ыйааһын аайы сытыы киирсиилэр буоллулар.
Дмитрий Шарин, «Көмүс мас» турнир тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ, куорат аһаҕас чөмпүйэнээтин сүрүн судьуйата:
—Бу турнир өрөспүүбүлүкэ биир саамай демократичнай диэххэ дуу, күрэхтэһиитинэн буолар — манна баҕалаах барыта кэлэн күүһүн холоһуон сөп. Быйылгы күрэскэ Саха сирин бүгүҥҥү күҥҥэ күүстээх мадьынылара бары кэриэтэ кытыннылар. Биһиэхэ кэлэн мас тардыһыытынан дьарыктана сылдьар Брайн Бис диэн уол уопут ыла таарыйа 90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа дойдутун, Америка Холбоһуктаах Штаттарын, аатыттан кыттан чөмпүйэнээккэ саҥа сүүрээни киллэрдэ.
Мадьыныларга күүтүүлээх турниры киин куорат спорка кэмитиэтэ (салайааччы Константин Бурцев) сыллата үбүлээн, тэрийэн ыытар. Онон биһиги Константин Семеновичка улаханнык махтанабыт.
Мас тардыһыытыгар Дьокуускай куорат аһаҕас «Көмүс мас» чөмпүйэнээтин кыайыылаахтара уонна призердара
2018 сыл олунньу 2-4 күннэрэ, Дьокуускай
60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Осипов Василий (Чурапчы)
2 Мигалкин Айсиэн («Модун»СК)
3 Андросов Василий (ХИФУ)
65 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Лыткин Максим (ХИФУ)
2 Жирков Константин (ХИФУ)
3 Иванов Иван (Ньурба)
70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Платонов Афанасий (Амма)
2 Рахлеев Александр («Модун» СК)
3 Попов Вячеслав (ХИФУ)
75 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Иванов Станислав (ХИФУ)
2 Атастыров Айсиэн (ХИФУ)
3 Орлов Артур (Уус Алдан)
80 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Никитин Владимир («Модун» СК)
2 Гуляев Егор (Кэбээйи)
3 Прокопьев Мичил (Мэҥэ Хаҥалас)
90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Спиридонов Айсиэн (Мэҥэ Хаҥалас)
2 Кондаков Игорь (Амма)
3 Баишев Егор (Амма)
105 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа
1 Слепцов Денис («Модун» СК)
2 Трофимов Владимир (Хаҥалас)
3 Федоров Иннокентий («Модун» СК, Ленскэй)
105 киилэттэн үөһэ ыйааһыҥҥа
1 Баппаҕай Эрчим (ХИФУ)
2 Ксенофонтов Рустам («Боотур» СК)
3 Пестряков Никита (Уус Алдан)