22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үлэ министиэристибэтэ компенсация ылар дьон испииһэгин толорор

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үлэ министиэристибэтэ 2000 солк компенсацияны ылар дьон испииһэгин толорор. Дьонтон сайабылыанньа ирдэниллибэт, диэн вице-премьер Ольга Балабкина брифинг кэмигэр эттэ.


Үлэ министиэристибэтэ испииһэги толорууну түмүктээн эрэр. Манна Дьокуускай уонна Жатай 65-тэн үөһэ саастаах дьоно киирсэллэр. Кинилэр коронавируһунан сибээстээн, «самоизоляция» эрэһиимигэр көһөрүллүбүттэрэ. Тустаахтарга 2000 солк билигин уонна маннык сууманы өрөспүүбүлүкэҕэ муҥутуур бэлэм эрэһиимэ сабылыннаҕына ылыахтаахтар.

«Сотору кэминэн дьон счеттарыгар харчыны түһэрии саҕаланыа. Биллэриэхпит. Дьонтон сайабылыанньа ирдэммэт, туһааннаах министиэристибэ оҥорбут испииһэгинэн бэриллэр«, — диэтэ Ольга Балабкина.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА