23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Өлүөнэ муостатын тутууга биэс олохтоох хампаанньа кыттар

09:27, 15 февраля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өлүөнэ муостатын тутууну бэлэмнээһиҥҥэ Саха сиригэр регистрациялаах биэс хампаанньа кыттар, ол туһунан муостаны тутуу дириекциятыгар эттилэр.

Бүгүҥҥү туругунан сибээс, электричество уота, гаас инженернай ситимин таһаарыыга үлэ бүттэ. Технологическай № 1-дээх былаһаакканы хаҥас биэрэккэ оҥорууга үлэ барар. Барыта түөрт былаһаакка баар, манна муоста тутааччылар олоруохтара.

«Суббэдэрээччигинэн олохтоох хампаанньалар үлэлииллэр. «Техэлектроснаб» – электричество уотугар, «Сахалинк» – сибээс ситимигэр, «Арктик-БУР» — инженернай чинчийиигэ, «Элпромгазстрой» – № 1-дээх былаһаакка миэстэтин бэлэмнээһиҥҥэ. Гааһы тардыыга «Стандарт 14», – диэн кэпсээтэ «ВИС» бөлөх Саха сиринээҕи управлениетын кылаабынай инженерэ Александр Кожевников.

Өлүөнэ эбэни туоруур муоста тутуута Россия президенэ Владимир Путин сорудаҕынан, регион бырабыыталыстыбатын уонна «ВИС» бөлөх концессионнай сөбүлэҥин чэрчитинэн ыытылынна.

Эбийиэк 2028 сылга тутуута түмүктэниэхтээх.

Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutii-v-podgotovke-k-stroitelstvu-lenskogo-mosta-zadejstvovali-pyat-mestnyh-kompanij/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА