26 Муус устар 26.04
  • -7°
  • $ 92,13
  • 98,71

Өлүөхүмэлэр "Аанньаах хочотугар" Олоҥхо ыһыаҕын ыһарга бэлэмнэнэллэр

13:01, 15 июня 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Быйылгы XIV өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа 386 сыл саастаах Улуу Өлүөнэ эбэбитин өҥөйөн олорор Өлүөхүмэ куоратыгар “Аанньаах хочотугар” ыытыллар.  Өбүгэлэрбит саҕалаабыт сиэрдэрэ-туомнара, туттар маллара-саллара, оонньуулара, үөрэр-көтөр сынньалаҥнара барыта ыһыах сүрүн ирдэбилэ буолар. Бу күннэргэ бэлэмнэнии үгэнэ.


Саха сиригэр Саха норуота үөскээбитин, олорбутун, сайдыытын түстээбит уу суола, кырдьаҕас Өлүөнэ эбэбит, Саха сиринээҕи хочолоруттан, Улуу Туймаада кэнниттэн, иккис улахан Аанньаах хочото Өлүөнэ эбэбит биир кэрэ миэстэтэ айылҕа анаан оҥорбут, сымнаҕас кыһыннаах, дьыл түөрт бириэмэтин уларыйыытынан, кэрэ көстүүлэринэн дуоһутар.

Манна быйыл өлүөхүмэлэр Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиэхтэрэ.

Тоҕо “Аанньаах хочото” дэнэрий? Бу хочо, былыргы сүрэхтэммит аатынан “Ааннаах” диэн олус бэргэн тылынан ааттаабыттар. Ол гынан баран бу оройуон, буккаас омуктар, ордук нууччалыы тыллаахтар олохсуйбут дойдулара буолар. Икки тылы тэҥҥэ уларытан саҥарыы түмүгэр “Ааннаах” хоһуласпыт “нн” буквалары “нь” диэн солбуйа саҥарыллан, Өлүөхүмэ “Аанньаах хочото” дэнэр буолбут. Билигин даҕаны итинник буукубалары уларыта тутааһын “уонна” диэбэккэ “уонньа” диэн саҥарыы дьаам (ямщицкий) олохтоохторугар туттуллара биллэр.

Өлүөхүмэ хочотугар киирии Аанньаах хочотунан биллэр буолбут, суруйда https://www.instagram.com/p/CQFeCEZihM7/?utm_medium=share_sheet

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА