29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Өлүөхүмэ улуһун Хоро нэһилиэгэ халаан уутуттан толору босхолонно

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Ыам ыйын 19 күнүгэр киэһэ аха сирин Өлүөхүмэ оройуонун Хоро нэһилиэгин аллараа Өлүөнэ өрүскэ мууһу дэлби тэптэрии үлэтэ ыытыллыбыта. Ыытыллыбыт үлэ үтүө түмүгү биэрдэ. Ыам ыйын 20 күнүгэр уу таһыма 768 см тэҥнэһэр, критическэйэ 1000 см. буолуохтаах, нэһилиэнньэлээх пуун ууттан толору босхолонно. Саха сиригэр өрүстэригэр муус хайдах уста сытарын манна кэтээн көрүөххэ сөп.

Өлүөнэ өрүс муус барарынан сибээстээн,  Өлүөхүмэ улууһун сиригэр-уотугар уу таһыма үрдээн, критическэйгэ тиийэ сылдьыбыта. Уу ылар сиригэр 19 тиэргэн  уонна 16 чааһынай дьиэ баар этэ.

Ыам ыйын 20 күнүнээҕи туругунан, уу таһыма 768 см тэҥнэһэр, нэһилиэккэ ууттан толору босхолонно, ууга барбыт олорор дьиэлэр уонна тиэргэннэр суохтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА