22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Өлүөхүмэ өрүскэ муус устан саҕалаата

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Икки суукканан эрдэлээн Өлүөхүмэ өрүскэ муус устан саҕалаата. Ол туһунан ыам ыйын 5 күнүгэр Саха сиринээҕи УГМС-ка иһитиннэрдилэр. Уу таһыма нуорматтан 0,9 м үрдүк. Аны 3-4 суукканан, ыам ыйын 7-тэн 9-гар диэри эрдэлээн Дьикимдэ – Куду Күөл учаастагар Өлүөхүмэ өрүс аһыллара күүтүллэр.

Өлүөнэ өрүс мууһун алын кырыыта Иркутскай уобалас сиригэр устара бэлиэтэнэр.  Орто Өлүөнэҕэ уонна кини тардыытыгар сууккатааҕы уу тахсыытын кээмэйэ 5- тэн 20 см диэри, муус үрдүгэр уулаах.

Витим өрүскэ уу таһыма кыратык үрдүүр, муус уу кытылыттан тэйиччи соҕус. Алдаҥҥа уонна кини тардыытыгар сууккатааҕы уу таһыма 10- тан 30 см диэри, муус үрдүнэн уу таһыма эбиллэн иһэр.

Өлүөхүмэ Тээнэ нэһилиэгин таһынааҕы Тээнэ өрүскэ уу сууккаҕа 25 см үрдүү турар. Өрүс арыллыыта ыам ыйын 7-8 күннэригэр күүтүллэр, оттон саамай муҥутуур таһыма ыам ыйын 9-10 күннэригэр буолара сабаҕаланар.

Ыам ыйын 9-11 күннэригэр Маайа өрүскэ Уус Үдүмэ-Чабда икки ардыгар (Алдан уҥа салаата) өрүс мууһа хамсыыра күүтүллэр. Манна уу таһыма сууккаҕа 5-тэн 10 см диэри үрдүү турар.

Амма уонна Бүлүү өрүскэ уу таһыма суукка иһигэр 5- тэн 10 см диэри үрдүүр, муус кытылтан тэйиччитэ уонна тоҥоруу бэлиэтэнэр. Кыһыҥҥы режим оннунан Дьааҥыга, Индигиркаҕа уонна Халымаҕа турар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА