Өлүөхүмэ киин балыыһатыгар доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин хамыыһыйата сырытта. Манна первичнай-тымыр отделениета арыллар, СИА-ҕа биэдэмистибэ пресс-сулууспата суруйда.
Исписэлиистэр киин балыыһа үлэтин кытта билистилэр, интенсивнай терапиялаах анестезиология уонна реанимация, терапевтическай отделение, компьютернай томография кабинетын көрдүлэр. Хамыыһыйа фельдшерскай пууҥҥа уонна 1 Нөөрүктээйи нэһилиэгин амбулаториятыгар сырытта.
«Биһиги оройуоммутугар первичнай-тымыр отделениета арыллара олус үчүгэй. Исписэлиистэрбит үөрэх аастылар, пациент маршрута оҥоһулунна. Отделение медиктар суһаллык, кэмигэр, хаачыстыбалаахтык олохтоохторго көмө оҥороллоругар туһалыаҕа», — диэтэ кылаабынай быраас Анна Гаврильева.