Кулун тутар 28 күнүгэр Өлүөхүмэҕэ чаҕылҕан чаҕылыйбытын уонна этиҥ эппитин бэлиэтээтилэр. Өлүөхүмэ оройуонун баһылыга Николай Харбин СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, маннык көстүү куоракка маҥнайгытын буолбут.
«Маннык көстүү Өлүөхүмэҕэ эрэ буолбакка, Саха сирин үрдүнэн аан бастаан буолла. Уот-күөс барбата, оройуоннааҕы ЕДДС штатнай режиминэн үлэлиир. Табыгаһа суох күн-дьыл усулуобуйата үөскээтэҕинэ, нэһилиэнньэни тута сэрэтэбит. Билигин быһыыны-майгыны кэтээн көрө сылдьабыт», — диэн Николай Харбин кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ үгүс оройуоннарыгар бүгүн күүстээх хаар түһүөҕэ уонна дохсун тыаллаах буолуоҕа.