25 Муус устар 25.04
  • -5°
  • $ 92,51
  • 98,91

Өлөчөйдөөҕү "Кустук" хаһаайыстыба эдэр хаһаайына субсидия тыырыллыытыгар санаатын этэр

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Өлөчөй нэһилиэгин олохтооҕо Роман Стручков дьиэ кэргэнэ «Кустук» бааһынай хаһаайыстыбаны тэринэн үлэлээбитэ балачча кэм ааста. «Меркурий» бырагыраама киириэҕиттэн уоллара Роман Романович ылсан, билигин 60 сылгыны, 19 ынах сүөһүнү тутан, нэһилиэк биир сис ыаллара буолаллар.


Бүгүн тыа сиригэр тыа хаһаайыстыбатын салаатын сайыннарыыга туһулуммыт үгүс бырагыраама, өйөбүл баар кэмигэр Өлөчөй Стручковтара бааһынай хаһаайыстыбаларынан ынах сүөһү төбөтүгэр бэриллэр субсидияҕа тиксибэттэр. Бааһынайдарга 25 сүөһү төбөтүгэр субсидия көрүллэр эбит буоллаҕына, кинилэр ынах сүөһүлэрин ахсаана — 19.

   

– Бааһынайдарга сүөһү төбөтүгэр буолбакка, субсидия хамнас курдук бэриллэрэ буоллар, сиэрдээх буолуо этэ, оччотугар ыччат да тыа сиригэр талаһыа этэ, – диэн Стручковтар санааларын үллэстэллэр.

Аҕата Арамаан Стручков саҕалаабыт дьоҕус хаһаайыстыбатын бүгүн уоллара, эдэр киһи Роман Стручков салҕыыр. Кини инникитин хаһаайыстыбатын өссө кэҥэтэр, сайыннарар былааннаах.

 

Ааптар: Зоя ГЕРАСИМОВА, https://ulus.media/2020/01/15/l-ch-j-eder-salajaachchyta-subsidiya-tyyryllyytygar-sanaatyn-eter/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА