Кытаанах нэһилиэгэ төрүттэммитэ 100 сылынан, кэнэҕэски ыччаттарга, бөһүөлэктэрин устуоруйатын итиэннэ төрүччүлэрин үөрэтиэн баҕалаах дьоҥҥо анаан, дойдуларын устуоруйатын биллиннэр, ааспыт аҕа көлүөнэ дьон үтүө холобурдарыгар үөрэнниннэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннастыннар онтон салгыы өссө кэҥэтэн, дириҥэтэн үөрэтэн-чинчийэн, ситэрэн-хоторон сиһилии суруйан истиннэр диэн санааттан оҥоһуллубут “КЫТААНАХ НЭҺИЛИЭГЭ. ЧУРАПЧЫ УЛУУҺА” диэн Новосибирскай куоракка бэчээттэммит сабыс-саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ, бэҕэһээ, Егор Борисов аатынан Чурапчытааҕы киин бибилэтиэкэҕэ буолла.
Кытаанах устуоруйатын эрэ буолбакка, Сылаҥы, Танда-Бахсыны бүтүннүү хабар балай эмэ ыарахан ыйааһыннаах улахан кинигэ хомуллуутугар: Чурапчы улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Кытаанах нэһилиэгин Ытык кырдьаҕаһа, оскуола Бочуоттаах педагога, Сэбиэскэй-партийнай үлэһит Мотрена Семеновна Леонтьева, Кытаанах нэһилиэгин Бочуоттаах үлэһитэ, СӨ муниципальнай сулууспатын туйгуна, үлэ удаарынньыга, 10-тан тахса кинигэ ааптардара, хос ааптара Екатерина Прокопьевна Скрябина, аспирантира выпускнига, Василий Яковлев-Далан аатынан бириэмийэ лауреата, Сэбиэскэ Сойуус Дьоруойа Федор Попов аатынан “Сердце патриота” бэлиэ хаһаайына, сэттэ кинигэ ааптара, Кытаанах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Екатерина Иннокентьевна Скрябина үлэлэстилэр.
“Саамай улахан, үтүө тыллар Кэтириискэ этиллиэхтээхтэр. Мин кыттыгаһым итиннэ кыра диэн этэбин. Бэйэм урут, “Бойобуойдарым барахсаттар” диэн төрөөбүт колхуоһум дьонун, хас биирдии ыал ханна олорбутунан, тугу үлэлээбитинэн суруйан турабын. Дьэ ол сөп, онно хайҕаныахтаах этим. Оттон бу кинигэҕэ эрдэ эппитим курдук, өлүүм кыра. 92 сааһым буолла, сахалыы биир көрбүөччү “96-ҕын туолуоҥ диэбитэ”, онно дьэ “Олоҕум аргыстара” диэн кинигэни суруйуохпун баҕарабын да, хайдах эрэ кыайан ылсыбакка сылдьабын, ол курдук кыайан сатаан суруйбат курдук туруктаах буолбатахпын, суруйдахпына син суруйуом этэ буоллаҕа. Онон дьэ, бу кинигэни ырытыы буолбутунан сибээстээн эһиги иннигитигэр “ол кинигэни” суруйуоҕум! Уруккуттан эппит тылбар турар киһибин, онон “Олоҕум аргыстара” диэн кинигэни хайаан даҕаны кыаллар буоллаҕына суруйа сатыаҕым, ол суруйдахпына дьэ кэлэҥҥит миэхэ анаан ытыскытын таһынаарыҥ”, — диэн Мотрена Семеновна бар дьонун ортотугар улахан бачыымы көтөҕөн, ааҕааччылары улаханнык сэргэхситтэ.
Дьылабыай тэрээһин арыллыытыгар Чурапчы улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Матвеева, Кытаанах нэһилиэгин баһылыга Егор Потапов, Килэҥкиттэн төрүттээхтэр Татьяна Матвеева, Александр Коркин, Зоя Захарова, Айталина Пономарева, Платон Коркин, 1987-1992 сылларга сопхуос дириэктэринэн үлэлээбит Григорий Смирников, Андрей Саввин аатынан Чурапчы кыраайы үөрэтэр уонна этнография мусуойун дириэктэрэ Афанасий Захаров, Скрябиннар аймах-билэ дьонноро, чугас доҕотторо эҕэрдэ тыллары эттилэр. Кинигэ сүрэхтэниитин киин бибилэтиэкэ үлэһитэ Марфа Кузьмина баһылаан-көһүлээн ыытта.
“2005 сыллаахха Мотрена Семеновналыын Кытаанах нэһилиэгин туһунан бастакы кинигэни таһаарбыппыт. Ол кинигэбит барыта Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмин хабар этэ. Онтон, Семеновна “өссө бииргэ үлэлээн, сэрии кэмиттэн билиҥҥи кэмҥэ диэри оҥоруохха” диэбитэ. Маҥнай сөбүлэспэтэҕим, ол бириэмэҕэ кэккэ биричиинэлэринэн сүрдээх ыарахан кэмнэр үүммүттэрэ. Онтон бу кэнники илиинэн суругун аҕалан остуолбар ууран кэбиспитэ. Кэлин өй ыламмын, 2008-09 сылтан манна үлэбинэн кэлэ-бара таарыйа архыыпка, бибилэтиэкэлэргэ сылдьан, хаһыаттары хаһан матырыйааллары хомуйбутунан барбытым. Суруйуу буолан баран син биир архыып дааннайдарыттан төрүөттээх буолуохтаах, кыра-кыралаан киллэрэ сылдьыбытым. 2014 сыллаахха олохтоох дьаһалтабыттан үлэлээн уурайбытым уонна тутатына оскуола 100 сыллаах кинигэтин хомуйуутугар үлэлэһэн барбытым. Оскуола кинигэтин кэнниттэн биирдэ бу суруйуубутугар көспүппүт. 10-ча сыл сурулунна. Бу кинигэҕэ сэрии кэннинээҕи кэм барыта киирдэ: колхуостар, сопхуостар, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, манна сүрүннээн биллилээх дьоммут сурулуннулар итиэннэ ким-туох ситиһиилээҕэ барыта испииһэк быһыытынан бэлиэтэннэ. Килэҥки урут-уруккуттан Чурапчыны кытары тэҥҥэ успуорт туонатынан ааттанар этэ. Тоҕо диир эбит буоллахха Алексей Собакиннартан саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ улахан ситиһиилэрдээхпит, ол иһин бу успуорка улахан балаһа ананна. Итини таһынан ахтыыны арыый аҕыйаттыбыт ол оннугар колхуостаах, сопхуостаах дьоммут, оробуочайдарбыт ситиһиилэрэ барыта регалия курдук киллэрилиннэ. Оскуолаларга элбэх учууталы киллэрэ сатаатым инньэ гынан кинигэбит хабар иэнэ сүрдээх улахан буолла. Дьиҥэр өссө элбэх этэ буоллаҕа ону өссө ити аата кылгаттыбыт.
Инники былааннарга, сиэн-уолаттарбын кытары үс кинигэни суруйан эмиэ манна сүрэхтээн турардаахпыт. Билигин төрдүс кинигэбитин суруйдубут онтубут “Боотурускай улууһун I Хатылы нэһилиэгэ” иккис кинигэтэ диэн ааттанар. Барытын бүтэрэн бэчээккэ биэрээри сылдьабыт. Уолаттарым билигин үлэлииллэригэр көҥүл биэрдим, верстканы оҥорор киһини булбутум онтон “корректуратын барытын бэйэҕит оҥорсун” диэтим. Үлэлэрин бэрэбиэркэлээтим, олус үчүгэйдик үлэлии-хамсыы сылдьаллар, кинигэ эмиэ обьема олус улахан, 800-тэн тахса лиистээх, ити кинигэ сүрүннээн төрүччүгэ аналлаах буолуоҕа. Аны итинэн эрэ бүппэт, өссө атын үлэни эмиэ саҕалаабыппыт бу Кытаанах нэһилиэгэ 1917 сылтан сэрии кэмигэр диэри, манна сүрүн уратыта диэн архыып докумуоннарыгар олоҕуруу буолар”, — диэн элбэх кинигэ ааптара Екатерина Прокопьевна олус үчүгэйдик кэпсээтэ.
Кинигэ ааптардарын түбүктээх үлэлэрэ түмүктэммитинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит. Айар-тутар үлэҕит сытыы бөрүөтэ сыппаабатын, үтүө сүбэҕитинэн, билиигитин-көрүүгүтүн өрүү дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдэ, саҥаттан-саҥа үрдэллэри дабайа тураргытыгар баҕарабыт.
Сэмэн Жендринскэй. Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ, Саҥа олох хаһыат, Чурапчы улууһа