22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кыайыы күнүнэн социальнай төлөбүрдэр көрүлүннүлэр

11:33, 12 апреля
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр Кыайыы күнүн бырааһынньыгынан сибээстээн Ил Дархан ыйааҕынан бигэргэммит социальнай төлөбүрдэр төлөнөн эрэллэр.

Ол курдук, «О ежегодной денежной выплате отдельным категориям граждан к Дню Победы» ыйаах чэрчитинэн 1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарыгар биир кэмнээх 20 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх төлөбүр олохтоммута.

Сэрии кыттыылаахтарын огдооболоругар, «Жителю блокадного Ленинграда» бэлиэнэн наҕараадаламмыттарга биир кэмнээх 10 тыһыынча солкуобай, өлбүт инбэлиит уонна сэриигэ кыттыбыттар огдооболоругар 5 тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ. Итиэннэ концлааҕырдарга сыппыт дьоҥҥо уонна тыыл бэтэрээннэригэр 5-тии тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.

«О ежегодной денежной выплате отдельным категориям граждан к Дню Победы» ыйаахха уларытыылары киллэрэн, 2024 сылтан сэрии кэмин оҕолоругар 3-түү тыһыынча солкуобай төлөнүөҕэ.

Билигин Саха сиригэр 2 тыһыынчаттан тахса сэрии бэтэрээнэ (кыттыылаахтар, тыыл бэтэрээннэрэ, блокадниктар) баар. Биллэринэн, 13 сэрии бэтэрээнэ, 12 261 сэрии кэмин оҕото баар.

Муус устар 10 күнүнээҕи туругунан, биир кэмнээх төлөбүрү 1803 бэтэрээн ылла. Бу барыта холбоон 5 мөлүйүөн 920 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр, суруйда Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА