Госдуумаҕа дьиэ кыылларын маркировкалааһын сокуонугар уларытыылары киллэрии күүтүллэр. Билигин докумуон бырабыыталыстыба көрүүтүгэр сытар. Депутаттар этэллэринэн, сокуоҥҥа ирдэбиллэр оҥоһуллубуттар, диэн «Парламентская газета» суруйар.
«Биир ньыгыл Россия» баартыйа депутаттара дьиэ кыылларын маркировкалааһын босхо уонна баҕа өттүнэн оҥоһулларын туруорсуохтара. Куоска уонна ыт хаһаайына бэйэтин баҕа санаатынан чип, бирка, клеймо эбэтэр татуировка туруортарыан сөп.
Маны сэргэ депутаттар бу дьайыы баҕа өттүнэн ыытылларыгар уонна көрүүтэ-истиитэ суох эбэтэр питомникка олорор дьиэ кыылларыгар эмиэ тарҕанарыгар этэллэр.