Куорат эйгэтин тупсарыыга бырайыактарга Саха сирэ 320 мөл солк федеральнайдааҕы бюджеттан ылар буолла. Уопсастыбаннай сирдэри тупсарыы Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ уонна Томмокко, Алдаҥҥа ыытыллыаҕа.
Бырайыактар VII бүтүн Россиятааҕы куонкуруска 2022 сыллаахха кыайдылар. Федеральнай үбүлээһин 2023-2024 сылларга маннык үллэһиллиэҕэ: Ленскэй — 85 мөл, Алдан — 85 мөл, Өлүөхүмэ — 70 мөл, Томмот — 80 мөл солк.
Ленскэйгэ Ойуунускай уулуссатын тупсарыахтара, Алдаҥҥа — «Орто-Сала» эко-паарка тутуохтара, Өлүөхүмэҕэ куорат паарката оҥоһуллуоҕа, Томмокко «Укулан» сынньалаҥ миэстэтэ баар буолуоҕа.
Саҥа миэстэлэргэ дьон сатыы сылдьар, күүлэйдиир сирдэрэ, аныгылыы элбэх функциялаах сынньанар былаһааккалара, оҕо былаһааккалара, элбэх киһи мустан сынньанар, тэрээһиннэри ыытар сирдэр баар буолуохтара.
Россия таһымнаах куонкурус 2018 сыллаахтан президент сорудаҕынан, «Жилье и городская среда» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар. Алта сылга Саха сирэ 11 кыайыылаах, онно уопсай суумата 625 мөл солк.