22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кулун тутар 7 күнэ. Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар - Бикипиэдьийэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэлиэ күннэр

  • Тымныы оҕуһун моонньоох баһа быстар
  •  Албания — Учуутал күнэ
  •  Ираак — Бэйэ-бэйэни тулуйуу уонна эйэлээхтик олоруу күнэ. Дойду премьер-миниистирэ Рим паапата Франциск уонна шииттэр баһылыктара аятолла Али Аль-Систани 2021 сыллаахха көрсүүлэрүн кэнниттэн биллэрбитэ

Түбэлтэлэр

  • 1799 — Наполеон Бонапарт Палестинаҕа Яффо куораты ылбыт, 2000 албаан билиэннэйдэрин өлөттөрбүт.
  • 1814 — Франция импэрээтэрэ Наполеон I Арассыыйа уонна Пруссия холбоһуктаах сэриилэрин кытта Краонн аттынааҕы кыргыһыыга кыайыыны ситиспит.
  • 1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
  • 1904 — «Романовка» бырачыастааччылара (57 киһи, ол иһигэр сэттэ дьахтар) бэриммиттэр. 4-с уонна 6-с чыыһылаларга ытыалаһыы түмүгэр икки өттүттэн өлүү тахсыбыт.
  • 1930 — «СССР-176» диэн көтөр аал Дьокуускайтан Сангаарга көтөн иһэн саахалламмыт. Отто Кальвица хамандыырдаах экипээс өлбүт.
  • 1960 — ССРС Үрдүкү Сүбэтин Бүрүсүүдьүмүн ыйааҕынан Бүлүү оройуонун «Дьокуускай» сопхуос ыанньыксыта Варвара Трофимова уонна Раиса Третьяк Сэссийэлиистии Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
  • 1966 — Франция бэрэсидьиэнэ Шарль Де Голль Франция НАТО байываннай блогуттан тахсарын туһунан биллэрбит.
  • 1989 — Салман Рушди «Сатана хоһооно» диэн айдааннаах айымньытыттан сылтаан Ираан уонна Британия дипломааттыы сыһыаннарын тохтоппуттар.
  • 1997 — Анатолий Чубайс Арассыыйа бырабыытылаыстыбатын бэрэстээтэлин бастакы солбуйааччытынан иккистээн анаммыт. Кулун тутар 17 күнүгэр эбии үп миниистирэ буолбут. Сорох чинчийээччилэр сыанабылларынан, бу кэмҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр уонна «Арассыыйа-Саха алмаастара» хампаанньаҕа «алмаас блокаадата» диэн ааттаммыт уустук кэм ордук тыҥааһыннаах түһүмэҕэ саҕаламмыта.
  • 2002 — Аллараа Халыма улууһугар 500000 га иэннээх Курдигино-Крестовая диэн эркээйи сир баар буолбут.
  • 2014 сыл кулун тутар 7-16 күннэригэр Сочи куоратыгар 2014 кыһыҥҥы Паралимпия Оонньуулара буолбуттара. 45 дойдуттан күрэхтэһээччилэр кыттыбыттара.

Төрөөбүттэр

  • 1845 — Василий Трощанскай — тэрэриис, норуодунньук, Саха сиригэр Дьохсоҕон нэһилиэгэр көскө олорбут, саха үгэһин чинчийбит киһи. 1898 сыл тохсунньу 27 күнүгэр өлбүтэ. Чөркөөххө көмүллүбүтэ.
  • 1894 — Марха улууһун (билигин Ньурба улууһа) Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Спиридон Петров (1894—1965), олоҥхоһут.
  • 1949 — Эдьигээн улууһун Бэстээх нэһилиэгэр Роман Дмитриев — саха аатырбыт тустууга, көҥүл тустууга Олимпиада чөмпүйүөнэ.

Өлбүттэр

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА