Кулун тутар 2 күнүгэр 1926 сыллаахха ССКП Саха сиринээҕи обкуома Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай кинигэ кыһатын тэрийэр туһунан быһаарыы ылыммыт. Уураахха М. Аммосов илии баттаабыт. САССР бырабыыталыстыбатын от ыйын 30 күнүнээҕи уурааҕынан олоххо киирбит. Кыһа кэлин 90-с сылларга «Бичик» диэн ааттаммыта, 2021 сыллаахха «Айар» диэн буолбута.
Бэлиэ күннэр
- Аан дойдутааҕы уулаах-бадарааннаах сирдэр күннэрэ. Бу элбэх көтөр уйаланар сирдэрин 1971 сыллаахха ылыныллыбыт Рамсар конвенцията харыстыыр.
- Мьянма — Бааһынай Күнэ (1962).
- АХШ, Техас — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Эфиопия — Адуатааҕы кыргыһыыга кыайыы күнэ (1896 сыл).
Түбэлтэлэр
- 1922 — Дьокуускайга соҕурууттан Иван Строд хамандыырдаах 200 киһилээх кыһыл этэрээт кэлбит.
- 1922 — Чурапчы сэлиэнньэтигэр саха интеллигенциятын сийиэһэ саҕаламмыт, кулун тутар 12 күнүгэр түмүктэммит. Сийиэс Саха уобалаһын норуотун быстах кэмҥэ салайыыны талбыт (ВЯОНУ — Временное Якутское областное народное управление). Большевиктары утары охсуһарга, Саха уобалаһыттан үүрэргэ быһаарыммыттар.
- 1923 — Үрүҥ генерал Пепеляев күүстэрин кытары быһаарыылаах кыргыһыы буолбут. 6 чаастаах хапсыһыы кэнниттэн Карл Байкалов кыһыл этэрээтэ Амма солобуодатын ылбыт.
- 1926 — ССКП Саха сиринээҕи обкуома Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай кинигэ кыһатын тэрийэр туһунан быһаарыы ылыммыт, бу быһаарыы САССР бырабыыталыстыбатын от ыйын 30 күнүнээҕи уурааҕынан (М. Аммосов илии баттааһыннаах) олоххо киирбитэ. Кыһа кэлин 90-с сылларга «Бичик» диэн ааттаммыта, 2021 сыллаахха «Айар» диэн буолбута.
- 1945 — Саха АССР Совнаркомун 233 № уурааҕынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище тэриллибитэ. Тэрийиини Саха норуодунай худуоһунньуга Петр Романов көҕүлээбитэ.
- 1956 — Марокко Испанияттан тутулуга суох буолбут.
- 1981 — «Якуталмаз» холбоһук 3 №-дээх обогатительнай фабрикатын сепараторщиктарын биригэдьиирэ Раиса Томилова Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
- 2005 — Үөһээ Бүлүү улууһун дьаралыга бигэргэммит.
- 2008 — Ил Түмэҥҥэ төрдүс ыҥырыылаах быыбар буолбут. Манна саҥа булкаас систиэмэ киллэриллибитэ: дьокутааттар куорпустарын аҥаара (35 киһи) урукку курдук биирдии мандааттаах уокуруктартан талыллыбыттара, оттон иккис аҥаара — баартыйалар испииһэктэринэн.
Төрөөбүттэр
- 1908 — Байаҕантай улууһун Кириэс Халдьаайытыгар Федор Охлопков (1968 өлб.) — Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, аатырбыт снайпер, Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа. 1945 сыллаахха бэс ыйын 24 күнүгэр Кыайыы Параадыгар кыттыбыта. Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата 1965 с. ыам ыйын 6 күнүгэр иҥэриллибитэ.
- 1943 — Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэр Анатолий Нелунов — саха сомоҕо домоҕун чинчийэр учуонай, лексиколог, лексикограф, тыл үөрэҕин билимин хандьыдаата, С.А. Новгородов аатынан Бириэмийэ лауреата, РНА СС үтүөлээх бэтэрээнэ, Таатта улууһун ытык киһитэ.
Өлбүттэр
- 1855 (урукку ааҕыынан олунньу 18 күнэ) — Арассыыйа импиэрийэтин ыраахтааҕыта Николай I. Бу киһи бөрөстүөлгэ олоруутун кытта декабристар өрө туруулара ситимнээх. Аҕалара өлбүтүгэр убайа Константин оҕото суох буолан бөрүстүөлгэ олорортон батыммыта, бу элбэх булкууру таһаарбыта, өрө турааччылар маны туһанан байыаннайдар бирисээгэ биэриэхтээх күннэригэр өрө турууну анаабыттара. Николай I 30 сыл ыраахтааҕылаабыта, ол тухары суутунан биэс эрэ киһи өлөрүллүбүтэ — декабристар сүрүн бас-көс дьоно. Кини саҕана Сперанскай дьыала-куолу реформата оҥоһуллубута, Пушкины көстөн төннөрбүттэрэ, Петербург уонна Москуба ыккардыгар тимир суол тутуллубута, Польшаҕа өрө туруу хам баттаммыта, маны таһынан Арассыыйа Персияны, Туурсуйаны кытта сэриилэспитэ, түөрт дойдуну кытта Кырыым сэриитин (1853—1856) саҕалаабыта.
- 2011 — тюрколог учуонай, түмэт дьайыксыт, С. А. Новгородов аатынан бириэмийэ лауреата Юрий Васильев — Дьаргыстай. Алтаай тыатыгар учууталлыы сылдьан алтаай тылын үөрэппитэ, Новосибирскайга аспиратураҕа үөрэммитэ, Алма-Атаҕа хандьыдаат диссэртээссийэтин саха тылын тэҥниир ньымаларыгар 1981 с. көмүскээбитэ, 1992—1994 сс. Анкара университетыгар саха тылын туһунан лиэксийэлэри аахпыта.