Кэтэх хаһаайыстыбаларга (ЛПХ) ыанар ынахха киин улуустарга — 35 тыһ солк итиэннэ хоту уонна промышленнай оройуоннарга — 45 тыһ солк биэрэр бырагыраама 2022 сылга салҕанар. Быйыл харчы хаһан тустаахтарга тиксэриллэрин бүгүн бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр ыйыттылар, суруйда тыа хаһаайыстыбатын пресс-сулууспата.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Михаил Никифоров иһитиннэрбитинэн, ЛПХ-ларга ыанар ынах төбөтүгэр көрүллэр харчы КУЛУН ТУТАР ыйга ыытыллар.
Бу кэмҥэ муниципальнай оройуоттар тустаах докумуоннары түмэн, тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр тиксэриэхтээхтэр. Онон субсидия харчытын “түргэнэ” улуустартан тутулуктаах буолуоҕа.
2021 сылга маннык судаарыстыба өйөбүлүнэн 9 715 кэтэх хаһаайыстыбалаах киһи туһаммыт, кинилэргэ анаан 1 млрд 245 мөл солк көрүллүбүт.
2022 сылга — 1 млрд 379 мөл солк.