22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Кэрэ уонна таптал: «Хатастыыналар» быыстапкалыыллар, маастар-кылаастары ыыталлар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Кэрэ эмиэ таптал курдук кэрэхсээһини эрэйэр…» диэн норуот суруйааччыта Сайа уостан түспэт этиитэ «Хатастыыналар» тэрээһиннэрин ис суолтатынан буолла. Бу орто дойду олоҕор баар кэрэ, үтүө, үчүгэй барыта кэрэхсээһини, сэргээһини эрэйэр.

Анфиса Горохова салайааччылаах «Хатастыыналар» түмсүү далбардарын холобуругар хас биирдии саха киһитэ ураты туспа дьоҕурдаах, сатабыллаах, истиҥ иһирэх эйгэлээх диэни көрөбүт. Кинилэр хайалара даҕаны иистэнэр, уруһуйдуур, оҕуруолуур, баайар, тигэр анал үөрэхтэрэ суох. Ол гынан баран, бэйэ-бэйэлэриттэн үөрэнэн, ситэрсэн, уһуйуллан, умсугуйан туран үлэлээн, харахха быраҕыллар, хаачыстыбалаах оҥоһуктардаахтар.

«Ыам ыйын 24 күнүгэр Хатас нэһилиэгин музейыгар «Хатастыыналар» быйылгы өрөгөйдөөх үбүлүөйдэрдээх, СӨ «Ийэ сылыгар», Арассыыйаҕа норуот айымньытын нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт быыстапкаларын арыйдыбыт. Саха дьонун сиэринэн кэлбит дьону арыылаах алаадьылаах, үрүҥ илгэлээх көрүстүбүт. Харах халтарыйар, сүрэх өрүкүйэр, дууһа дуоһуйар айар-тутар суол араас хайысхатынан тигиллибит, баайыллыбыт, тиһиллибит оҥоһуктар, суруллубут хартыыналар кэккэлэһэ ыйаннылар, сэргэстэһэ уурулуннулар. Манна кыра харысхалтан саҕалаан, сахалыы толору хомуллубут таҥас – сон, бэргэһэ, үтүлүк, хаппар суумкаҕа тиийэ баар«, — диэн СИА-ҕа кэпсээтэ Наталья Руфова.

Кини кэпсээбитинэн, баһыйар үгүс өттө тус бэйэ оҥоһуктара. Холбоһук үлэлэр бааллара — бу түмсүү дьоно биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ сылдьалларын туоһүта буолар. Холбоһук үлэ хаһан баҕарар уустугун билэбит – ким кимиэлэйдик, ким холкутук тигэр, биир мээрэйинэн тигэҕин да буоллар, бэрт кыраттан миллимиэтиртэн саҕалаан тигэн бүтэриҥ саҕана, онтукаҥ хас эмит сантымыатыр буолан тахсыан сөп.

«Хатастыыналар» музейга быыстапкаларын кэмигэр маастар кылаастары ыытыахтара.

Ыам ыйын 25 күнэ, 14:00 ч Оҕуруону тиһэн киэргэллэри оҥоруу, Генерова С.И.
Ыам ыйын 26 күнэ, 14:00 ч Күрүчүөгүнэн сэлээппэ баайыы, Керегяева М.Н.; Сэлээппэ киэргэллэрин баайы, Данилова Т.И.
Ыам ыйын 28 күнэ, 14:00 ч Макраме (сапкытын бэйэҕит аҕалаҕыт), Горохова А.А.
Ыам ыйын 29 күнэ, 14:00 ч Сахалыы быысапка, харыйалыы тигии, марыйалыы тигии, Иванова В.И., Пестрякова Н.И.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА