“Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах куонкуруска хаартысканы тутуу болдьоҕо ааҕааччыларбыт көрдөһүүлэринэн муус устар 20 күнүгэр диэри уһаата.
Олоххо көхтөөх дьиэ кэргэттэр сандалыларын тула олорон, итии үүттээх чэйи иһэ-иһэ түспүт хаартыскаларын «СИА-сонуннар» сахалыы саайт аадырыһыгар ыыталлар. Ол курдук бүгүн Үөһээ Бүлүүттэн Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ маанылаах түгэннэрин үйэтиппит хаартыскалары көрөҕүт.
Кристина Семенова кэпсииринэн, кинилэр хас биирдии үтүө күнү мүччү туппаттар. «Киэһээҥи аһылыгы кытта тэҥҥэ биһиги дьиэ кэргэн бэлиэ түгэннэргэ мустан чэйдиирбитин сөбүлүүбүт. Сайыны көрсүү, балаҕаҥҥа тахсыы, кийиит кыыс дьиэҕэ киириитэ, бииргэ үлэлиир дьоммутун кытта, төрөөбүт күннэр ыал олоҕун ситимнииллэр, уйгу-быйаҥ олохтууллар», — диэн санаатын тириэрдэр хаартыска ааптара.
Куонкурус балаһыанньатын «СИА-сонуннар» сахалыы саайтка киирэн билсиҥ https://sakha.ysia.ru/kel-olor/