“Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн
“Кэл, олор, чэйдиэх!”
хаартыска көрүүтүн куонкуруһун балаһыанньата
Өбүгэ саҕаттан саха ыала киэһэ мустан баай астаах-үөллээх сандалытын тула олорон, үүттээх итии чэйи иһэ-иһэ күннээҕини ырытар, сарсыҥҥыны торумнуур үтүө үгэстээх. Бу үйэлэри уҥуордаан кэлбит бэйэ-бэйэҕэ маанылаах сыһыан билигин даҕаны баар. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах хаартыска куонкуруһун биллэрэбит.
Сыала-соруга:
Дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутуу;
Дьон-сэргэ олоххо көҕүн үрдэтии.
Күрэх сүрүн ирдэбилэ:
Хаартыска киэбэ кыччаабыта 1000x1000px; улааппыта 2000х2000px;
Хаартыска дьоруойдарын туһунан кылгас иһитиннэрии;
Ааптар аата, араспаанньата, телефонун нүөмэрэ, олорор сирэ.
Хос быһаарыы:
Хаартыска ахсаанынан хааччахтаммат;
Хаартысканы СИА-сонуннар сахалыы саайтыгар аһаҕас куоластааһыҥҥа туруорабыт.
Кэмэ-болдьоҕо: Хаартыскалары муус устар 20 күнүгэр диэри ватсабынан (89142369392) эбэтэр электроннай почтанан (ysia1@yandex.ru) тутабыт, «КУОНКУРУСКА» диэн бэлиэтииргитин умнумаҥ. Муус устар 21-27 күннэригэр куоластааһын. Муус устар 28 күнүгэр кыайыылааҕы быһаарыы.
Тэрийээччилэр: “Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт.