15 Тохсунньу 15.01
  • -40°
  • $ 103,44
  • 106,25

Казахстан хамаандата «Азия оҕолоро» Оонньууга кэллэ

17:09, 05 июля 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолоро» спортивнай оонньууга Казахстан хамаандата Саха сиригэр Алма-Ата куораттан быһа рейсинэн кэллэ.


«Биһиги дойдуларыбыт ураты сыһыаннаахтар. Ол туоһута — бу Оонньуулар. Азия эргимтэтин чулуу спортсменнарын кытта тургутуһар бигэ санаалаах кэллибит», — диэн СИА-ҕа Казахстан делегациятын салайан кэлбит Аскар Есимов эттэ.

«Быйыл алтыс төгүлүн кыттабыт. Ааспыт күрэхтэһиигэ мэтээлбит ахсаанынан үһүс миэстэни ылбыппыт. Куруук буоларын курдук, боксаҕа, тустууга, чэпчэки атлетикаҕа кыайыахпыт диэн эрэнэбит», — диэн кини эбэн эттэ.

Казахстан сүүмэрдэммит хамаандата омук хамаандаларыттан саамай элбэх кыттааччылаах. Делегацияҕа уопсайа 280 киһи киирдэ. Гражданскай уопсастыба институтун сайыннарыы миниистирин бастакы солбуйааччы Савва Михайлов этэринэн, казахтар Оонньууга киирбит күрэхтэһиилэргэ барытыгар кыттыахтара.

От ыйын 6 күнүгэр, киэһэ 20.00 чаастан Оонньуу үөрүүлээхтик аһыллар. Манна 4 тыһ.тахса спортсмен кыттар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА