Тустуу холбоһуктаах эйгэтэ (UWW) быйыл аан дойдутааҕы чемпионаты ыытыыга тутуһуллуохтаах критерийдары ситиспэтэ. Онон UWW бюротун киэҥ ыҥырыылаах мунньаҕар аан дойду тус Кубогын ыытыыга быһаарыы ылылынна. Ол туһунан Россия бу көрүҥҥэ федрацията иһитиннэрдэ, СИА суруйар.
Аан дойду 10 бастыҥ хамаандатыттан аҕыһа, маны сэргэ спортсменнар 70 бырыһыаннара, ааспыт чемпионакка кыттыбыттар, сэтинньи 5 күнүгэр диэри бэйэлэрин чемпионакка кыттыыларын биллэриэхтээхтэрэ. Ити эрээри пандемиянан хааччахтааһыннарынан үгүс дойду федерациялара буолуохтаах стартан аккаастаннылар. Ол иһин UWW чемпионаты ыытары тохтотон, тус кыттыыга Кубок ыытары быһаарда. Манна баҕалаах тустууктар кыттыахтара.
«Кыттыан баҕалаах дойдулар уонна спортсменнар бааллар, ол иһин кинилэргэ биһиги кыаҕы биэрэбит — аан дойду таһымнаах күрэхтэһии сөптөөх киэбинэн ыытыллар усулуобуйатын тэрийэбит. Кубок Белградка ыытыллыаҕа, бириис пуондата 300 тыһыынча швейцарскай франк, барыта 30 ыйааһыҥҥа тыырыллыаҕа», — диэтэ UWW президиэнэ Ненад Лалович.