26 Муус устар 26.04
  • -6°
  • $ 92,13
  • 98,71

"Үйэ оҕолоро" бырагыраама хапытаалын туохха туһаныахха сөбүй?

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Үйэ оҕолоро» бырагыраама тус сыаллаах хапытаалын аҕыс араас хайысханан туһаныахха сөп.

Саха сирин үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ быһаарбытынан, үгэс буолбут регионнааҕы ийэ хапытаалын туһанар сыалларыгар саҥа көрүҥнэр эбилиннилэр: тус сыаллаах капиталы Арассыыйа үрдүнэн дьиэ кэргэн сынньалаҥар туһаныахха, кредит тэрилтэлэригэр кылаатынан киллэриэххэ, оҕо олоҕун уонна доруобуйатын страховкалыахха сөп.

Маны таһынан, тус сыаллаах хапытаалы ийэ хапытаалын курдук эмиэ туһаныахха син. Холобур, дьиэ- уот усулуобуйатын тупсарыыга, оҕону үөрэхтээһиҥҥэ, тырааныспар ыларга, тус хаһаайыстыбаны сайыннарыыга, ол иһигэр тыа хаһаайыстыбатын тиэхиникэтин атыылаһыыга, үрдүк технологиялаах медицинскэй көмөҕө, медицинскэй уонна социальнай реабилитациялааһыҥҥа, санаторнай-курортнай эмтээһиҥҥэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр айан төлөбүрүн киллэрэн туран, эмп атыылаһыыга эмиэ туһанар көҥүллэнэр.

Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев ыйааҕынан, 2022 сылга тохсунньу 1 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт оҕолорго   «үйэ оҕолоро» диэн 100 тыһыынча солк. кээмэйдээх т ус сыаллаах хапытаал  ананар, диэн бырабыыталыстыба пресс-сулууспата санатар.

Хапытаалынан туһанарга анал сайабылыанньа суруйар наадата суох. Бу хапытаалы оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу кытары биэдэмистибэ бэйэтэ дьаһайан оҥорор. Маныаха төрөппүттэр иккиэн РФ гражданиннара буолуохтаахтар уонна өрөспүүбүлүкэ сиригэр- уотугар регистрациялара ирдэнэр, ону сэргэ ЗАГС уорганнарыгар оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу ылыахтаахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА