29 Кулун тутар 29.03
  • -14°
  • $ 92,26
  • 99,71

Ирина Бокова: «ЮНЕСКО уонна Саха сирэ инникитин даҕаны ыкса ситимнээхтик бииргэ үлэлэһиэхтэрэ»

15:15, 07 июля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар ХХ-с Манчаары Оонньууларын үөрүүлээхтик арыйыыга бу күннэргэ Саха сиригэр ыалдьыттыы сылдьар ЮНЕСКО генеральнай дириэктэрэ Ирина Бокова кыттыыны ылла.


Үрдүк сололоох хотун былырыын ЮНЕСКО уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бииргэ үлэлээбиттэрэ 25 сылын бэлиэтээбиттэрин ыйан туран, норуот култуурунай нэһилиэстибэтин чөлүнэн хаалларыыга ЮНЕСКО уонна Саха сирэ инникитин даҕаны ыкса ситимнээхтик бииргэ үлэлэһиэхтэрэ диэтэ. Ил Дархан Егор Борисовы кытта саха олоҥхотугар анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ сылдьыбытын, эмиэ ЮНЕСКО култуурунай нэһилиэстибэтинэн буолар Өлүөнэ остуолбаларыгар барыахтааҕын кэпсээтэ.

Ыраахтан кэлбит ыалдьыт ЮНЕСКО Саха Өрөспүүбүлүкэтин кытта үөрэҕирии хаачыстыбатын үрдэтиигэ, спорду сайыннарыыга, саха норуотун тылынан ураты уус-уран айымньытын — олоҥхону — чөлүнэн хаалларыыга кэнэҕэһин даҕаны салгыы бииргэ үлэлэһиэҕэ диэн эрэннэрдэ.

Этиитин түмүгэр сарсыҥҥы эйэлээх күнү тутуһар ыалдьытымсах Саха сирин олохтоохторугар махтанна, «Инникибитин эрэллээхтик көрүөҕүҥ, кини сырдык, үтүө буоларыгар итэҕэйиэҕиҥ», — диэтэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА