12 Ахсынньы 12.12
  • -43°
  • $ 103,27
  • 108,56

Ил Түмэн мунньаҕар икки сокуон көҕүлээһинин социальнай бэлиитикэ кэмитиэтэ өйөөтө

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ кэмитиэтэ бастакы ааҕыыга икки сокуон көҕүлээһинин өйөөтө. Сокуоннай саастарын туола илик оҕолор буруйу кэһиилэрин утары профилактика уонна инбэлииттэх дьон үлэ миэстэтигэр квоталарынан хааччыллыылара. Ол туһунан кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова эттэ.

Бастакы көҕүлээһини Ил Дархан Айсен Николаев киллэрдэ, сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолор буруйу оҥорууларын сэрэтэр сыалтан эрдэттэн тупсаҕай усулуобуйаны тэрийэр сыаллаах.

Инбэлииттэри үлэ миэстэтинэн хааччыйыыга, Алена Атласова бэлиэтээбитинэн, сокуон барыла парламент мунньаҕар эһиил олунньу ыйга ылыллыаҕа.

«Суолталаах сокуону бырабыыталыстыба оҥордо. Үлэни биэрээччилэр үлэҕэ наадыйааччыларга, бастатан туран, инбэлииттээхтэргэ үлэ миэстэтигэр квота биэрэллэригэр интэриэстээх буолалларыгар туһаайыллар. Федеральнай сокуоҥҥа олоҕуран оҥоһулунна, чуолаан «О занятости населения Российской Федерации» сокуон 39 ыстатыйатынан, бу ааспыт сыллаахха ылыллыбыта», — диэтэ Алена Атласова.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА