Үөрэҕирии, тыа хаһаайыстыбатын сүрүн боппуруостарыгар Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ бастакы президенэ Михаил Николаев кэпсэттилэр.
Айсен Николаев бэйэтин телеграм-ханаалыгар ол туһунан суруйда. «Учуутал күнүн уонна учууталлар, педагогическай уопсастыбаннас XIV Съезтэрин иннинэ үөрэҕирии сайдыыта өрөспүүбүлүкэ сайдыытын биир тутаах боппуруоһа буоларын кэпсэттибит. Тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарын эмиэ дьүүллэстибит, кыстыкка киирии уонна сүөһү аһын бэлэмнээһин тула», — диэтэ кини.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, олус интэриэһинэй, конструктивнай кэпсэтии буолла.
Хаартыска архыыптан, ааптар Анатолий Шестаков.