Ахсынньы 7 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Москваҕа оробуочай сырыытын кэмигэр «Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын реформатыгар көмө оҥорор пуонда» судаарыстыбаннай корпорация бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ – генеральнай дириэктэр Константин Цицинниин көрүстэ. Константин Цицин хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүүгэ Саха сирэ таһаарыылаахтык үлэлиирин бэлиэтээн туран, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтанна. Билиҥҥитэ 13 тыһ. тахса киһи олорор усулуобуйатын тупсарда. Бу сыл бүтүҥр диэри өссө 5 тыһ. киһи хаарбах дьиэттэн саҥа кыбартыыраларга көһүөҕэ. Айсен Николаев уонна Константин Цицин кэлэр өттүгэр туһааннаах бырагырааманы салгыы хайдах үлэлэтэр туһунан ырыттылар.
Ахсынньы 7 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ баһылыга Nobel Vision Open Innovations 2.0. норуоттар икки ардыларынааҕы форумҥа кытынна. Тэрээһин «Сколково» технопаарка былаһааккатыгар буолла. Кэпсэтии сүрүннээн кэлэр кэм технологияларыгар ананна. Экспертэр айылҕаҕа буортута суох технологияны баһылааһыны, туһааннаах бырайыактары олоххо киллэриини ырыттылар. Айсен Николаев Саха сиригэр экотехнология эйгэтигэр ыытыллар үлэ уопутун үллэһиннэ. Экологияҕа хоромньу тахсыбатын курдук толкуйданар бырайыактары кэрэхсиирин, биотехнология курдук наука салаалара итиннэ ылсаллара буоллар диэн баҕа санаатын тиэртэ. Кини биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр карбоновай полигону олохтуур оруннааҕын уонна сотору кэминэн бырайыакка үлэ саҕаланыахтааҕын туһунан иһитиннэрдэ. «Килиимэти уларытар сир ньууругар биллэр гаастары чинчийии биһиги сүрүн сорукпут буолуоҕа. Тоҕо диэтэххэ, биһиги уйаара-кэйээрэ биллибэт ойуурбут-туундарабыт устун тарҕанар углерод халҕаһата ситэри үөрэтиллэ илик. Онон ирбэт тоҥноох саамай бөдөҥ эрэгийиэн кыһалҕатыттан, биһигиттэн, аан дойду дьылҕата тутулуктаах. Күн бүгүн биһиги 4 чинчийэр ыстаансыйабыт Россия туундаратын, ойуурдаах туундаратын уонна тайҕатын-тыатын хабар, итинник тэрил ханна да суох. Чинчийии сылы супту ыытыллар уонна космос, геология, физика-техника, биология наукаларын барыларын ситимниир» , — диэн кини иһитиннэрдэ.
Ахсынньы 8 күнүгэр Nobel Vision. Open Innovations 2.0 пуорум чэрчитинэн Айсен Николаев «Сколково» пуонда салайааччыта Аркадий Дворковиһы, пуонда вице-бэрэсидьиэнэ Юрий Сапрыкины уонна «Сколково» технопаарка генеральнай дириэктэрэ Ренат Батыровы кытта көрүстэ. Саха сирэ уонна «Сколково» пуонда 2012 сылтан бииргэ үлэлээннэр үтүө түмүгү ситистилэр. «9 сыл устата инновацияҕа күүскэ үлэлэһиэхпититтэн, Саха сирин технопаарката бастыҥ технологическай быһаарыылары олоххо киллэриигэ, өҥөнү оҥорууга инники күөҥҥэ таҕыста. 2019 сыллаахха «Якутия» технопаарка «Сколково» пуонда эрэгийиэннээҕи операторын статуһун ылбыта Инньэ гынан федеральнай чэпчэтиилэри, пуонда лабораториятыгар үлэлиир, тэрилинэн туһанар быраабы ылбыппыт тастан граннары сүүйэргэ кыаҕы биэрбитэ. Онон салгыы бииргэ үлэлээһин хайысхатын өссө кэҥэтэн иһиэхпит, — диэтэ Айсен Николаев.
Аркадий Дворкович бэлиэтээбитинэн, Саха сирэ технопааркатын стартаптарын ахсаана элбэҕинэн уонна хаачыстыбалаах үлэлэринэн үс бастыҥ эригийиэн ахсааныгар сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ резиденнэрэ өрүү олоххо туһаныллар бырайыактары толкуйдууллар уонна мэдиссиинэ, атын да социальнай хайысхаларынан олоххо киллэрэллэр. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар туһаайан 2022 сылга аны кэлэр 10 сылга бииргэ үлэлээһиҥҥэ сөбүлэҥ түһэрсиэхтэрэ.
Көрсүһүүгэ 2022 сыл ыам ыйыгар Сколковоҕа ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ Саха сирин күннэрин ыытыыны кэпсэттилэр. Аан дойдуга биллэр инвестордар болҕомтолоругар биһиги өрөспүүбүлүкэбит стартаптарын билиһиннэриэхтэрэ. Бу улахан бизнескэ киириигэ төһүү булуо.
Ахсынньы 9 күнүгэр Айсен Николаев Аҕа дойду Дьоруойдарын күнүнэн Саха сирин олохтоохторун эҕэрдэлээтэ. Быйыл саха норуотуттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов төрөөбүтэ 100 сыла бэлиэтэнэр. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бойобуой дьайыылар уонна локальнай сэриилэр 3,5 тыһ кэриҥэ кыттыылааҕа баар. Кинилэр уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа, байыаннай-патриотическай үлэҕэ көхтөөхтүк кытталлар.
«Бүгүн, ахсынньы 9 күнүгэр, «Бойобуой дьайыылар бэтэрээннэрин күнэ» олохтонорун туһунан ыйааҕы таһаардым. Сыллата от ыйын 1 күнүгэр биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр бэлиэтиэхпит», — диэн Ил Дархан иһитиннэрдэ. Бырааһынньык бойобуой дьайыыларга, локальнай сэриилэргэ уонна 1945 сыл кэнниттэн ССРС сиригэр-уотугар сэбилэниилээх иирсээннэргэ кыттыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторун өҥөлөрүн билинэр туһуттан олохтонно. Саха сиригэр маннык күнү бэлиэтиир туһунан көҕүлэһини Афганистан сэриитин кыттыылааҕа, Ил Түмэн дьокутаата Валерий Лютай көҕүлээбитэ. Ол туһунан кини Айсен Николаевы Бүтүн Арассыыйатааҕы норуот фронун актыбыыстарын кытта көрсүһүүтүгэр этэн турар.
Ахсынньы 9 күнүгэр Айсен Николаев сылы ахсын СӨ Судаарыстыбаннай Мунньаҕар (Ил Түмэҥҥэ) Туһаайыы этии оҥорорун быйыл ахсынньы 15 күнүгэр тиэрдэргэ быһаарынна. Ол туһунан бар дьоҥҥо иһитиннэрдэ. Туһаайыыга чугастааҕы кэмнэргэ уонна кэлэр сылларга сайдыы хайысхаларын ыйан торумнуурга, парламент үлэтин сүрүн соруктарын тыырынарга, бырабыыталыстыба уонна олохтоох салайыныыга сонун хайысхалар этиллиэхтэрэ. Үгэс быһыытынан бу бэлиэ кэмҥэ Саха сириттэн Федерация Сэбиэтигэр сенатордар, Судаарыстыбаннай Дуумаҕа дьокутааттар, өрөспүүбүлүкэ норуодунай депутаттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччылара, суут уонна прокуратура былааһа, куораттааҕы уокуруктар, улуустар баһылыктара, Саха сирин боломуочунайдара, тэрилтэлэр салайааччылара, конфессия баһылыктара, уопсастыбанньыктар кыттыахтара. Бу барыта Саха сирин олохтоохторугар тэлэбиидэнньэнэн уонна араадьыйанан быһа тиэрдиллиэҕэ.
Ахсынньы 9 күнүгэр Айсен Николаев РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илин уокуругар болмуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев Уһук Илин эрэгийиэннэрин баһылыктарын кытта суһал сүбэ мунньаҕар кытынна. Манна социальнай инфраструктураны саҥатытар, коронавирус тарҕаныытын бохсор, Уһук Илин куораттарын саҥардар соруктар тустарынан кэпсэтии буолла. Куораттары саҥардыы туһунан соругу быйыл күһүн Илиҥҥи экэнэмиичэскэй форумҥа Владимир Путин туруорбута. Ону олоххо киллэрэр инниттэн РФ Уһук Илини, Арктиканы сайыннарыыга министиэристибэтин иһинэн сүбэ тэриллиэ. Манна Арассыыйа уонна омук биллэр архитектордара, урбанистара түмсүөхтэрэ. 2022 сыл кулун тутар ыйыгар диэри бу сүбэ 10 бастыҥ маастар-былааны талыахтаах. Оннук былааны Дьокуускай куорат эмиэ оҥорор. Сэтинньигэ Сколковоҕа «IТ-киин куорат» диэн бырайыагы билиһиннэрбиттэрэ. Былаан оҥоһуутугар анал куонкурус биллэриллибитэ, ол кыайыылааҕа ыам ыйыгар биллиэхтээх.
Сүбэ мунньахха Уһук Илин уокуругар хамсык дьаҥыттан харыстанар быһыыны ылыы туругун ырыттылар. Уокурукка уопсай көрдөрүү Арассыыйа орто көрдөрүүтүтнээҕэр үрдүк, ол эрээри Приморьеҕа, Хабаровскай кыраайга, Еврейскэй автономнай уокурукка көрдөрүү намыһах. Саха сирэ быһыыны ылыыга дойдуга 20 бастыҥ ахсааныгар киирсэр. Быһыы бастакы түһүмэҕин өрөспүүбүлүкэҕэ нэһилиэнньэ 69,13 % ылбыт буоллаҕына, Дьокуускай куоракка — 72.97 %.
Ахсынньы 9 күнүгэр Москваҕа Нуучча географическай обществотын ыстаап-кыбартыыратыгар төгүрүк остуол буолан ааста. Онно Саха сирэ саҕалаабыт «Улууканнаах суоллар ыырдара: Москва саарыстыбатыттан Улуу Россия державатыгар тиийэ» диэн эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бырайыактары олоххо киллэриини ырыттылар. Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 390 сылыгар уонна Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр саҕаламмыттарын кэрэһилиир. Экспедиция 2020 сыллаахха саҕаламмыта уонна 2032 сылга Саха сиригэр кэлэн түмүктэниэ.
Ахсынньы 9 күнүгэр эрэгийиэн баһылыга «ProДФО» онлайн-форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Кини бээйтин этиитигэр 2020-2021 сылларга Саха сирин нэһилиэнньэтэ элбииригэр төрөөһүн таһыма уонна атын сирдэртэн көһөн кэлээччи суотугар үрдээбитэ сабыдыаллаабытын бэлиэтээтэ. 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ нэһилиэнньэтин ахсаана 981 971 киһиэхэ тэҥнэһэр буоллаҕына, эһиил 1 мөл киһиэхэ тиийиэн сөп.
«Эрэгийиэн олохтооҕун ахсаана, дьон аныгы экэниэмикэҕэ эппиэттиир хапытааллаах буолуута, IT-индустрияҕа кэбэҕэстик сыстыыта, эдэрдэргэ өйөбүл мэлдьи баар буолуута, биллэн турар, ыччат дойдутуттан ордук олоххо ымсыыран ханна да тэлэһийбэтэҕинэ эрэ үрдүүр кыахтаах. Үчүгэй хамнастаах, олорорго-үлэлииргэ бары усулуобуйа баар эрэ буоллаҕына киһи олохсуйар. Онон оннук эйгэни бэйэбит үөскэтиэхтээхпит, 2025 сылга диэри экэниэмикэ тосту уларыйыахтаах, креативнай кластер үлэҕэ киириэ, сайдыы кэлбитэ биллиэ. 2024 сылга IT-салааҕа 10 тыһыынчаҕа тиийэ киһи үлэлиир буолуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Ахсынньы 11 күнүгэр «Арктика амтана» диэн хотугу аһылык фестивала Москва куоракка ыытылынна. Онно «Төрүт омуктар ыччаттара, Арктикаҕа аһылык култуурата» бырайыагы билиһиннэрдилэр.
«Олохтоох норуоттар аһылыкка култуураларыгар биһиги уратыбыт уонна майгыннаспат өрүттэрбит көстөллөр. Ол киһи сайдыытыттан тутулуктаах. Бу бырайыак кэскиллээх, салгыы сайыннаран иһиэхпит, ол экэниэмикэҕэ кытта сыһыаннаах Тоҕо диэтэххэ, бу гуманитарнай эрэ өттүттэн буолбакка, Арктика сирэ-уота бүтүннүү сайдарыгар суолталаах», — диэтэ Айсен Сергеевич. Бырайыак чэрчитинэн Арктика ыччата Хотугу гастрономическай үгэһи, экэниэмикэ сайдыытын үөрэтэр. Ил Дархан көрсүһүү кэмигэр Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн уонна аан дойдуттан Хотугу төрүт олохтоох норуоттар бэрэстэбиитэллэрин 2022 сылга балаҕан ыйыгар Саха сиригэр ыытыллар Хотугу пуорумҥа кыттарга ыҥырда.
Ахсынньы 12 күнүгэр Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун Арассыыйа Конституциятын күнүнэн эҕэрдэлээтэ. Ил Дархан 1993 сыл ахсынньы 12 күнүгэр ылыллыбыт Төрүт Сокуоммут — судаарыстыбабыт тирэҕэ, элбэх омуктаах норуоппут, дойдубут бары ирдэбиллэригэр эппиэттиир сокуон буоларын ыйда. Биллэн турар, кэмэ кэллэҕинэ дойдуну сайыннарар туһугар ханнык баҕарар сокуоҥҥа көннөрүүлэр киллэриллэллэр, ол эрээри гражданнар бырааптара уонна көҥүллэрэ, дойдубут тутулуга суох уонна кэлим буолуутун мэктиэлэрэ тыытыллыбаттар. «2020 сыллаахха дойду сайдыытыгар историческай, тосту уларыйыылаах түгэн буолбута – Конституция туттулла сылдьар ыстатыйаларыгар киһини, үлэни, оҕо аймаҕы уонна дьиэ кэргэни көмүскээһиҥҥэ, култуураны уонна тылы харыстааһыҥҥа, ону тэҥэ судаарыстыбаны бөҕөргөтүүгэ туһаайыллыбыт көннөрүүлэри өйөөбүппүт. Маныаха судаарыстыба элбэх омуктаах дойду култууратын уонна тылын эгэлгэтин чөл хаалларарын уонна мэктиэлиирин туһунан аан бастаан бигэргэммитэ. Бу тэҥ бырааптаах элбэх норуоттары сомоҕолуур дойдуга сүҥкэн суолталаах көннөрүү буолар. Саха сирэ – модун Арассыыйа Федерациятын сорҕото, урут уонна билигин даҕаны Евразия хотугулуу-илиҥҥи өттүгэр дойду – суон дурдата, халыҥ хаххата. Ол быһыытынан өрөспүүбүлүкэ Арассыыйаны сайыннарыыга бөҕө тирэх буоларыгар биһиги эппиэтинэһи толору сүгэбит», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Афанасий Ноев, Ил Дархан пресс-сэкирэтээрэ