Ил Дархан Айсен Николаев «Азия оҕолоро» оонньуулар норуоттар ардыларынааҕы кэмитиэтин президенэ Владимир Максимовы кытта көрүстэ.
Максимов кэлэр сылга Дьокуускайга буолуохтаах VIII сайыҥҥы оонньуулар бэлэмнэрин туһунан кэпсээтэ. Билигин эбийиэктэри өрөмүөннээһин күүскэ барар.
«Азия оҕолоро» дойдуга 2024 сыл биир саамай бөдөҥ спортивнай тэрээһин буолар. Бэлэмнэнии хаачыстыбалаахтык уонна куруук ыытыллыахтаах», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.